Дьааҥы улууһун баһылыга Гаврил Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын Бочуоттаах үлэһитин, үлэ уонна тыыл бэтэрээнин, оройуон уонна Адыаччы нэһилиэгин бочуотттаах олохтооҕун Потапова Татьяна Спиридоновнаны 95 сааhын туолбутунан эҕэрдэлээтэ. Ытык киһиэхэ 50 тыһ солк сертификаты уонна бэлэх туттарда, илии тутуhан сэhэргэстэ.
Татьяна Спиридоновна Потапова 1922 сыллаахха Саха АССР төрүттэммитэ биэс сыл кэнниттэн, 1927 сыллаахха тохсунньу ый томороон тымныытын саҕана Табалаах нэhилиэгин Тойон Күөл тоҕойугар төрөөбүт. Эhэтэ Өчөөр Өлөксөй күн сиригэр сиэн кыыс кэлбит үөрүүтүттэн Таанньа диэн аат сүрэхтээн, көмүлүөк оhоҕун аhатан, куобаҕы ыргыччы буhарбыта эбитэ үhү.
1945 сыллаахха 7 кылаас үөрэхтээх кыыс «Күүhү түмүү» холкуос пиэрмэтигэр учуотчугунан, салгыы счетоводунан, кэлин сэбиэт сэкирэтээринэн үлэлээбит. 1949 сыл Попапов Дмитрий Семенович диэн киhиэхэ кэргэн тахсар. 1963 сыллаахтан ССКП чилиэнэ. Бочуоттаах сынньалаҥҥа барыар диэри 1976 сылтан Райпо иhинэн Адыаччы сопхуос үс нэhилиэгин аhынан-таңаhынан хааччыйар, хонтуруоллуур эргиэн кууhун тэрилтэтин салайбыт. Араас кэмнэргэ үлэ үөһүгэр сылдьыбыт, хоhуун үлэhит, ытык кырдьаҕас Саха сирэ бу кэмңэ диэри сайдан кэлбит историятын билэр, субу баардыы өйдүүр.
Кини 1947 сыллаахха Аҕа дойду 1941-1945 с.с. сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэтин иhин, 1970 сыллаахха туйгун үлэтин иhин В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сылынан уонна Улуу Кыайыыны уруйдуур анал бэлиэ мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Дьоhун сааhыгар диэри дуобат, саахымат спордун биир чаҕылхай оонньооччутун быhыытынан биллэрэ.
Ытык кырдьаҕас, ийэ, эбэ, хос эбэ Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын көрсүбүтүттэн улаханнык долгуйан, үөрэн, олоҕун кэрчик кэмнэриттэн сырдатта, оройуон баhылыгар Гаврил Ильичкэ, оройуон дьаhалтатыгар истиң ийэлии махталын эттэ.
Ааптар: Раиса Чирикова, Дьааҥы улууһа
This post was published on 22.01.2022 10:15 10:15