Бэҕэһээ Бастакы ханаалга Вячеслав Шишков романынан 16-сериялаах «Угрюм-река» сериал таҕыста. Манна Саха тыйаатырын артыыстара Михаил Апросимов уонна Тамара Обутова оонньууллар.
XIX үйэ бүтүүтүнээҕи кэмҥэ Громовтар дьиэ кэргэттэрин сэһэргиир киинэҕэ сүрүн оруолу Александр Балуев, уолун — Александр Горбатов оонньууллар. Маны таһынан Юлия Пересильд, Софья Эрнст, Борис Каморзин уо д.а. уһуллубуттар. Тамара Обутова киинэҕэ Джульбо оруолун толорор, оттон Михаил Апросимов – Джугданы.
«Мин ааспыт үйэ 60-с сылларыгар уһуллубут киинэни көрбүтүм. Онон киинэ аныгы көрүҥэр уһуллуум миэхэ чиэс», — диэтэ Тамара СИАҕа.
Кини Михаиллыын киинэ уһуллар былаһааккатыгар бэйэ-бэйэлэрин көрсүбэтэхтэрин кэпсээтэ. Киинэ 2019 сыл от ыйыгар уһуллан саҕаламмыт.
«Сериалга анаан кыра дэриэбинэ тутуллубут этэ. Онно XIX үйэ бүтүүтүнээҕи кэм ымпыгар-чымпыгар тиийэ толкуйданан оҥоһуллубут буолан үлэлииргэ дьикти, сонун этэ. Улахан бырайыак тэрээһинэ чуолкай буолан үлэлииргэ үчүгэй буолар», — диэтэ Обутова.
This post was published on 10.03.2021 13:01 13:01