Саха анал аатын чинчийии саха омук устуоруйатын, култууратын кытта ыкса ситимнээх. Дьиҥ олоххо баар чахчылар, дьайыылар (факторы) анал аат ханнык категорияҕа киирэрин эмиэ ситэрэн-хоторон быһааран биэрэллэр. Холобур, эр киһи, дьахтар аата, сүөһү аата, харыс аат, христианство итэҕэлэ киириэн иннинээҕи аат, олоҥхо дьоруойдарын ааттара, о.д.а. Тас дьайыыга (экстралингвистические факторы) тулалыыр айылҕа уратыта, уопсастыба социальнай тутула, омук уйулҕатын уратыта киирэллэр диэн тыл үөрэҕин тылдьытыгар да суруллар [2, 524]. Ити кэккэҕэ киһини ааттыыр үгэс омук устуоруйатын, култууратын баайа буолар диэн анал ааттары үөрэтии теориятын олохтоспут А.В. Суперанская эмиэ бэлиэтээн турар [17, 33]. Онон бу ыстатыйаҕа саха омук анал ааты биэрэр үгэһиттэн сорох түгэнин сырдатан көрүөхпүт.
Николаев Егор Револьевич
тыл үөрэҕин хандьыдаата,
Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын үнүстүүтэ, билим алын үлэһитэ
Түүр омуктарга киһини ааттыыр үгэс ханан эрэ майгыннаһар да, уратылаһар да өрүттээҕэ балачча үөрэтиллэн турар. Холобур, алтаайдарга, сахаларга курдук, маннык дьикти көстүү баар: «… не было обычая наречения ребенка именами родителей, родственников. Это связано с табуированием этих имен» [19, 111]. Алтаай омукка күн бүгүн даҕаны былыргы ааттыыр үгэстэр баалларын, сүппэтэхтэрин эмиэ бэлиэтииллэр: «… сохраняется старинный обычай соименования, т.е. наречение близкими по звучанию и значению именами (холобур, Дьалаа, Дьалаачы – родные братья)» [1, 18]. Хакаастар саҥа төрөөбүт оҕону өлбүт киһи аатынан ааттаабаттар. Кинилэр ааттыыр үгэстэригэр ханнык баҕарар тыл анал аат буолан хаалара эмиэ ураты көстүү буолар [8, 1]. Оттон тываларга: «вплоть до недавнего времени обычай не позволял родителям самим давать имя ребенку. Имянаречение было большим праздником» [16, 88].
Саха омукка киһини (оҕону) ааттыыр үгэс туһунан аан бастакы дьоһуннаах бэлиэтээһиннэри Я. Линденау оҥорбута: «… Как только рождается ребенок, ему тотчас дается имя. А происходит это, когда приходит в юрту первый чужой человек. Дитя получает его имя. Иногда приходит в юрту посторонний человек и может дать ребенку имя, какое захочет. Если же ребенок умирает, то последующим детям они имеют обыкновение давать самые отвратительные имена, как-то: Bosogo, Itsack, Sachod, Kutujak, Kuter и т.д. Якуты полагают, что дети, получившие такие имена, не так легко умирают, так как дьяволы, или злые духи, боятся человека с таким именем. Когда же ребенок подрастает, то ему, кроме его основного имени, дают еще другое имя в зависимости от его качеств. Якут никогда не скажет свое имя, так как у них это считается позором. И имя умершего они никогда не упоминают. В этом якуты сходны с тунгусами» [7, 15].
Камчаткатааҕы Иккис эспэдииссийэ түмүгүнэн Г.Ф. Миллер маннык суруйан хаалларбыт: «Имена, в основе которых лежат случайные качества детей и которые иногда просто даются повивальной бабкой при рождении (например, Orossu ‘не вполне еще готовый’, Ajanit ‘родившийся на дороге’)» [10, 395].
Архыып матырыйаалларыгар тирэҕирэн суруллубут сэбиэскэй кэмнээҕи үлэлэргэ, холобур, А.П. Окладников үлэлэригэр, маннык баар: «… Родившимся детям дают имена названием по их языку того, кто в те родины из первых глазам их предстанет, то есть человек или собака, зверь или птица и прочее» [12, 41].
Аатырбыт «Якуты» үлэтигэр В.Л. Серошевскай «… первое имя давали ребенку (баччыр оҕо), когда он начинал «сидеть» [15, 512] диэн ахтан аһарбыт. Кини саха күннээҕи олоҕуттан бэлиэтии көрөн суруйбут буолуохтаах. Оттон ити түгэни арыый дириҥник, сахалар нууччалар кэлиэхтэрин иннинээҕи социальнай тутулларын кытта ситимнээн Ф.Ф. Васильев ырытан аһарбыта: «… второе имя получал, когда он мог натянуть детский лук, вероятно, в трехлетнем возрасте (уллуҥаҕа хараарыыта ‘когда почернеют пятки’, т.е. когда ребенок не только начинал ходить, но и бегать). Окончательное имя (взрослое) давалось человеку в зрелом возрасте. По именам во многих случаях можно угадать профессию или род занятий человека. Содержание и характер старинных якутских имен отчетливо подчеркивают социальную направленность выбора имени» [4, 130].
Саха ааттыыр үгэһигэр сыһыаннаах ордук баай матырыйаал норуот номоҕор, үһүйээннэригэр баар. С.И. Боло хомуйбут матырыйаалларыгар саха киһини ааттыыр үгэһин икки сүрүн түгэнэ быстахтык кэпсэнэн ааһар:
- Ыал саамай кырдьаҕас, саастаах киһитэ аат биэрэр: «… эһэтэ Ньургун ойуун ньилбэгэр ууран олорон чинчилиир уонна … аат биэрэр» [3, 223];
- Ааты аҕа ууһун аҕа баһылыга, тумус туттар киһилэрэ биэрэр. Аат иҥэрэр түгэн ханнык эмэ уһулуччу түбэлтэни кытта ситимнээх буолар. Ону сороҕор ааты уларытыы курдук эмиэ көрүөххэ сөп: «… Тыгын Тойон бэккиһээн “Чоройон түһэн көтөрө бэт, онон Күндүл аата Чороҕу буоллун…» [3, 154]. Бу үгэһи былыргы түүрдэргэ тарҕаммыт киһини ааттыыр үгэһи кытта ситимниэххэ сөп: «… тюрки не носили одного и того же имени от рождения до смерти, как европейцы. Имя тюрка всегда указывало на его положение в обществе. Мальчиком он имел кличку, юношей – чин, мужем – титул, а если это был хан – то титул менялся согласно удельно-лествичной системе» [5, 89]. Боотур үөрэҕин кытта ситимнээх ааттыыр үгэс уолан дьон ханнык эмит хаачыстыбатын билээри араас күрэхтэһиини, оонньууну тэрийэллэрэ: далла мэндэһэллэрэ, сүүрэн сырсаллара, үрдүгү эбэтэр уһуну ойоллоро, хара күүһү тургуталлара. Ону барытын сээркээн сэһэннэр көрөн дьүүллээн, ырытан сылыктаан, аат үөскээн тахсара. Ол эбэтэр сахалар төрөөт да ааттаммакка, улааталларыгар, киһи-хара буолалларыгар аат иҥэрэ. Олоҥхоҕо бухатыырдар эмиэ итинник хабааннаахтык ааттаналларын Н.И. Филиппова сиһилии ырытан турар [20, 20].
Ити суруллубукка олоҕуран быһаардахха, христианство киириэн иннинээҕи саха анал ааттара үксүгэр киһи улааппытын, оҕо сааһыттан тахсыбытын кэннэ биэрэллэр диэн буолан тахсар. Оттон оҕо аата – дьиэ иһинээҕи аат, сурукка киирбэккэ хаалара чуолкай.
Аны туран, сахаларга анал ааты утумнуур үгэс эмиэ баар эбит. Ол туһунан этнограф, фольклорист В.М. Никифоров маннык суруйар: «… преемственность имени … возможна при гипертрофированно развитом культе предков. А он (вспомнить хотя бы обожествление Эллэя) у якутов мало чем уступает скандинавскому. И сюда добавляется такое понятие, как династийность в пределах правящего рода. Некоторые варианты насчитывают между ними до 17 поколений, а число Дарханов в “Эллэйаде” больше десятка, правда, не все они из Кангаласского улуса. Но преемственность имен налицо» [11, с. 117, 118]. Номох, үһүйээн ааттара дьиҥнээхтик олорон ааспыт дьон аата буолбатах диэн саарбахтыыр эбит буоллахха, дьаһаах испииһэгин ырытан көрбүттэр эмиэ утумнуур үгэс олохсуйбутун таба көрөллөр эбит: «Сопоставление имен, особенно в ясачной окладной книге 157 с., сличение их с именами в более ранних и в более поздних документах позволяет в некоторых случаях восстановить целые родословия князцовых “фамилий”. Если подобрать по разным документам имена родственников крупных тойонов, имена “живущих подле” них, имена их “холопей” и пр., получится в иных случаях картина, напоминающая древнеримскую “familia”», – диэн бөдөҥ устуорук С.А. Токарев суруйар [9, 16]. Ийэ, аҕа ууһунан олорбут сахаларга, кырдьык, итинник утумнуур үгэс баара туох да саарбаҕа суох. Ону нуучча остуоруйатын сиһилии ырыппыт В.Я. Пропп эмиэ бигэргэтэр: «Есть особые предания о родах, на основе которых можно составить разветвленные родословные таблицы. Это несколько напоминает исландские родовые саги» [13, 119]. Оттон Я.И. Линденау: «После смерти тойона Mundscan’a его место занял Tügin, который получил титул – Тойон-Usa – род господ. Остальные якутские роды, которые имеют своих князей, называют не Тойон-Usa, а только тойон, такой титул дается лишь потомкам Eldei—bator’а» [7, 19], – диэн эмиэ тоһоҕолуур.
Биллэн турар, ааты утумнуур үгэс бас-көс араҥаҕа тарҕаммыт. Сахалар анал ааты чыыны-хааны сыһыары тутан ааттыыллара архыып матырыйаалларынан эмиэ дьэҥкэтик арыллар. Холобур, 1638 сыл атырдьах ыйын 6 күнүнээҕи «Наказ стольнику Петру Головину и дьяку Ефиму Филатову, посланным в Сибирь на реку Лену, для строения острога и приведения в русское подданство сибирских инородцев» диэн докумуоҥҥа маннык баар: «А в прошлом де во 139 году на великой реке Лене лутчие тайши, которые государю служили, Бодочь и Тынина, и Алданские князцы, воровством служилых людей, Енисейского острогу атамана Ивашка Галкина с товарыщи, от великих их обид, учинились от государя отгонны» [14, 965]. Былыргы түүр тылыгар tojïn ‘буддийский монах’ [6, с. 572] эбэтэр taisi/тайши ‘старший наставник, учитель (в обращении к монаху)’ [18, 142] диэн быһаарылларыттан сэдиптээтэххэ, тойон, тыгын уустара – Тыгын, Хаҥалас – сахаларга бас-көс оруоллаахтара көстөн тахсар. Хотой таҥаралаах хаҥаластар сахаларга баһылыыр араҥа буоланнар, итэҕэл сүрүн сиэрин-туомун илдьэ сылдьалларынан, ону оҥороллорунан уратылаахтар. Ол аата үрдүкү араҥаҕа саха анал ааты утумнуур үгэһэ баарын туоһулуур биир чахчы буолуон сөп.
Суруйбукка олоҕурдахха, маннык түмүк тахсан кэлэр: саха омук христианство киириэн иннинэ судаарыстыбалыы тутуллаах уопсастыбатыгар баһылыыр-көһүлүүр аҕа ууһун араҥата ааты утумнуур үгэһэ баара; уопсастыба алын араҥатыгар ол утумнуур суолу батыһар үгэс – аҕа саастаах киһи ааттыыра – эмиэ баара; ааттыыр үгэскэ саха туох-ханнык итэҕэллээҕэ, социальнай олоҕун уратылара ырылыччы көстө сылдьаллар.
Литэрэтиирэ
- Алтайские личные имена / Сост. В.А. Муйтуева, Т.Н. Туденева. – Горноалтайск: Книжное издательство «Юч-Сюмер» Республики Алтай, 1993. – 128 с.
- Ахманова О.С. Словарь лингвистических терминов. Изд. 2-е, Стереотип. – М.: «Сов. Энциклопедия», 1969. – 608 с.
- Боло С.И. Прошлое якутов до прихода русских на Лену: По преданиям якутов бывшего Якутского округа. – Якутск.: Нац. кн. изд-во «Бичик», 1994. – 352 с.
- Васильев Ф.Ф. Военное дело якутов / Под ред. д.и.н., проф. Д.Г. Савинова. – Якутск: Нац. кн. изд-во «Бичик», 1995. – 224 с.
- Гумилев Л.Н. Древниетюрки: история великого народа – от возникновения до гибели / М.: ACT: Астрель, 2010. – 574 с.
- Древнетюркскийсловарь / Ред. В.М. Наделяев и др.; АН СССР, Ин-т языкознания. – Ленинград: Наука. Ленингр. отд-ние, 1969. – 676 с.
- Линденау Я.И. Описание народов Сибири (первая половина XVIII века): историко-этнографические материалы о народах Сибири и Северо-Востока / пер. с нем., подгот. текста, примеч. и предисл. З.Д. Титовой; под общ. ред. И.С. Вдовина. – Магадан: Кн. изд-во, 1983. – 176 с.
- Личные имена хакасов. – Абакан: Хакас. кн. изд-во, 1993. – 108 с.
- Материалы по истории Якутии XVII века: документы ясачного сбора: в 3-х ч. / Акад. наук СССР, Сиб. отд-ние, Ин-т истории, филологии и философии. – М.: Наука (Главная редакция восточной литературы), 1970. – Ч. I. – LIII. – 158 с.
- Миллер Г.Ф. Описание сибирских народов / Изд. А.Х. Элерт, В. Хинтцше / Пер. с нем. А.Х. Элерт. – М.: Памятники исторической мысли, 2009. – 456 с.
- Никифоров В.М. Стадии эпических коллизий в олонхо: Формы фольклорной и книжной трансформации. – Новосибирск: Наука, 2002. – 208 с.
- Окладников А.П. К истории этнографического изучения Якутии (Описание быта и нравов народов Якутии, сочиненные в г. Якутске в 1768-69 и 1785 гг.) / Очерки материалов по этнографии якутов. – Якутск: Якутское государственное изд-во, 1948. – С. 17-73.
- Пропп В.Я. Фольклор и действительность: Избранные статьи / Сост., ред. предисл. и примеч. Б.Н. Путилова; АН СССР. Ин-т востоковедения. – М.: Наука, 1976. – 325 с.
- Русская историческая библiотека, издаваемая Археографическою комиссiею. Томъ второй. – СПб.: Тип. бр. Пантелеевых. – 656 с.
- Серошевский В.Л. Якуты. Опыт этнографического исследования. 2-е изд. – М., 1993. – 736 с.
- Сувандии Н.Д. Тувинская антропонимия: дис. … канд. филол. наук: 10.02.02 / Сувандии Надежда Дарыевна. – Москва, 2004. – 191 с.
- Суперанская А.В., Сталтмане В.Э., Подольская Н.В., Султанов А.Х. Теория и методика ономастических исследований / Отв. ред. А.П. Непокупный; Изд. 3-е. – М.: Книжный дом «ЛИБРОКОМ», 2009. – 256 с.
- Тенишев Э.Р., Фэн Цзя-шен. Три новых уйгурских документов из Турфана // Проблемы востоковедения. – 1960. – № 3. – С. 141-149.
- Тыбыкова А.Т. Избранные труды. Теоретические вопросы алтайского языкознания. – Горно-Алтайск, 2010. – 391 с.
- Филиппова Н.И. Собственные имена персонажей в якутском эпосе олонхо: структура и семантика. – Якутск., 2016. – 104 с.
This post was published on 21.08.2020 11:01 11:01