Бу күннэргэ анал байыаннай дьаһал активистара Саха сириттэн сылдьар эр дьоҥҥо анаан икки туоннаттан тахса көмөнү ыыттылар. Билигин » Якутия с тобой!» штаб «антидроновай сааны» атыылаһаары үп- харчы хомуйар.
«Байыаннай дьаһал сүрүн линиятыгар сылдьар саллааттарга «буржуйка»-оһоҕу, эбии экипировка уонна эмп-томп тэрийэн ыытиыбыт. Бу күннэргэ Владивосток балыыһаларыгар сытар битир дойдулаахтарбытыгар улахан баартыйа олохтоох оҥорон таһаарыы бородууксуйаларын ыытабыт. Бу иннинэ бородуукта улахан баартыйата Санкт- Петербург уонна Хабаровскай куораттарга бааһыран сытар дьоммутугар барбыта», — диэн «Якутия с тобой!» штаб салайааччыта Айыл Дьулурха кэпсээтэ.
Байыаннайдар баҕа санааларын учуоттаан, өрөспүүбүлүкэтээҕи хаһыаттары уонна сурунааллары ыытарга бэлэмнииллэр.
This post was published on 03.03.2023 15:02 15:02