«Саха сирин амтана» гастрономическай бэстибээл бырайыага балаҕан ыйын 23 — 25 күннэригэр «Арктикаттан Уһук Илиҥҥэ диэри» гастротурга кыттыаҕа. Тэрээһин Владивостокка буолар.
Ас форумун Приморскай кыраай Visit Primorye туристскай-информационнай киин тэрийэр, суруйар СИА регион ыалдьыты көрсүүгэ Ассоциациятыгар сигэнэн. «Саха сирин амтанын» индигирка, кыһыллыбыт тоҥ чыыр, ыыһаммыт убаһа этэ уонна да атын деликатестар билиһиннэриэхтэрэ. Аһы «Атласовтар уһаайбаларын» шеф-асчыта Николай Атласов бэлэмниир.
«Бэстибээл Россия олохтоохторугар саха аһын билиһиннэрэр сыаллаах ыытыллар. Саха аһын уонна олохтоох бородууктаны дьоҥҥо амсатабыт. Биһиги оригинальнай ырысыаптары уонна сырьёну туттабыт», — диэтэ Ассоциация салайааччыта Татьяна Тымырова.
Владивостоктааҕы бэстибээлгэ дойду 100-тэн тахса ресторатора уонна шеф-асчыта кыттыаҕа.
Хаартыска Андрей Сорокин, СИА
This post was published on 23.09.2022 12:01 12:01