Сабыылаах муус суолга тахсыы иһин 1 мөл солк диэри ыстыраап олохтонно

Хаартыска: ЯСИА саайта

Сабыылаах муус суолга тахсыы иһин эппиэтинэс сүгэллэрин Саха сирин олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар сэрэттилэр. Тырааныспар борокуратуурата иһитиннэрбитинэн, ирдэбили кэһии иһин 1 мөл солк диэри ыстыраап төлүөххэ сөп. Оттон дьону тиэйии-таһыы иһин холуобунай эппиэтинэс.

Мууска таҕыстахха ыстыраап:

  • биирдиилээн дьоҥҥо — 5000 солк диэри;
  • дуоһунастаах сирэйгэ — 20 — 50 тыһ солк;
  • юридическай сирэйгэ — 100 тыһ солк — 1 мөл солк.

This post was published on 22.04.2025 17:01 17:01