Ленскэй оройуонугар саастаах дьахтар эргэ дьиэ оҥкучаҕар (подполье) түһэн, онно алта чааһы быһа олорбут диэн СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрдэ, Саха сирэ суруйар.
Ленскэй куоракка Быыһыыр сулууспа быыһааччылара 78 саастаах дьахтары быыһаатылар. Кини хаарбах туруктаах дьиэ боппуолдьатыгар түспүт. Дьахтар ойууртан тэллэйдээн иһэн, аара суолга эргэ дьиэҕэ киирбит. Урут манна уола олоро сылдьыбыт, сиэннэрэ улааппыт дьиэлэрэ эбит. Тахсаары туран, өссө аттынааҕы кыбартыыраны көрөргө санаммыт итиэннэ үс миэтэрэ дириҥнээх оҥкучахха түспүт. Дьолго, дьахтар эчэйбэтэх.
Мобильнай сибээс кыайан хаппат эбит эрээри, нэһиилэ дьүөгэтигэр мессенджергэ суруйбута тиийбит. Дьүөгэтэ ону ааҕаат, тута көрдүү барбыт. Ол гынан баран аадырыһа чопчу ыйыллыбатах эбит. Сотору кэминэн эмсэҕэлээбит дьахтар аадырыһын ыйан ыыппыт. Инньэ гынан дьүөгэтэ булан тиийбит уонна быыһааччылары ыҥырбыт.
Ленскэйдээҕи көрдүүр-быыһыыр этэрээт начаалынньыга Александр Саморцев иһитиннэрбитинэн, дьахтар оҥкучахха 6 чаас кэриҥэ олорбут. Хата тугун да эчэппэтэх, ол гынан баран күүскэ тоҥмут. Быыһааччылар дьахтары «Суһал көмөҕө» туттарбыттар.
This post was published on 20.09.2024 17:49 17:49