«Алмаас» култуура киинигэр Саха тыйаатырын артыыстара Дмитрий Таас айымньытынан «Кыһыл көмүс хоруоп» испэктээги көрдөрдүлэр.
Испэктээги киһи сэргии, салгыбакка, интэриэһиргээн биир тыынынан көрөр. Ааспыт үйэ дьалхааннаах 30-с сыллара. Күөх Тумул сэлиэнньэтигэр кэпэрэтиип бирикээсчитинэн үлэлии сылдьар Кириһээн Макаарабы оҕо эрдэҕиттэн «дэриэтинньик сиэнэ» диэн сирэй-харах анньаллара. Дьон кэпсииринэн, былыр кини эһэтэ Дугуйа Ньукуу Унньулла кинээс диэн аатырар баай киһиэхэ хамначчыттыы сылдьан, эмискэ «куһаҕан өлүүттэн» өлөн, илэ дэриэтинньик буолбута үһү.
«Кыһыл көмүс хоруоп» детектив жанрыгар оҥоһуллубут испэктээк буолан, киинэ курдук ааста, суруйар «Анаабар уоттара» хаһыат.
This post was published on 04.03.2024 12:30 12:30