13 Балаҕан ыйа 13.09
  • $ 91,11
  • 100,39

Сааскылаахха иис мындырдарыгар үөрэннилэр

15:42, 04 сентября 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Сааскылаах нэһилиэгин Өҥөнү оҥорор киинин дьиэтигэр, Анаабыр улууһун дьаһалтатын көҕүлээһининэн уонна Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун хааччыйар киинин «Нэһилиэнньэ үлэлээх буолуутун сайыннарыы» тус сыаллаах бырагырааматын чэрчитинэнатырдьах ыйын 16-26 күннэригэр учуокка турар үлэтэ суох дьахталлары идэҕэ туһаайар иис кууруһа ыытылынна.


Манна «Эрэл» Намнааҕы үөрэтэр киинтэн оҥорон таһаарар үөрэх маастара Стручкова Александра Иннокентьевна кэлэн, 12 дьахтары үөрэттэ. Биэһэ учуокка турар үлэтэ суохтар, сэттэтэ улуус дьаһалтатын нөҥүө үөрэннилэр.

Ол туһунан сиһилии Александра Иннокентьевна Стручкова кэпсээтэ:

— Биһиги үөрэтэр кииммит өрөспүүбүлүкэбит Дьарыктаах буолуутун киинин кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиир. Бу курдук улуустарынан сылдьан дьарыктыыбыт. Мин маннык куурустары ыыппытым уонча сыл буолла. Анаабырга аан маҥнайгытын кэллим. «Швейное производство. Конструирование и пошив женской одежды» диэн үс ыйдаах кууруһу түргэтэтэн уонча хонук иһигэр үөрэттим. Тута практикаҕа киллэрдим, тоҕо диэтэр киһи бастаан таҥаһы-сабы илиитинэн тутан-хабан көрөн үөрэнэр. Хас биирдиилэрэ бэйэлэрин кээмэйдэринэн барыта түөрт таҥаһы тиктилэр Дьууппа, бүрүүкэ, былааччыйа уонна ырбаахы. Иистэнэр сатабыллаахтар эрээри, бэйэлэрэ хайдах билэллэринэн быһаллар, тигэллэр. Таҥаһы тигии бастаан туохтан саҕаланарын уонна түмүктэнэрин үөрэммэтэх буоллахтара. Олох сатаан иистэммэттэр эмиэ бааллар. Бары олус интэриэстээхтик, түргэнник ылыннылар. Таҥастарын тигэн бүтэрэн, кэтэн көрөн баран, баҕалара өссө күүһүрдэ.

Бу куурус иистэнэргэ эрэ үөрэппэт, түмсүүнү көҕүлүүр, кэлэктииби үөскэтэр. Инники өттүгэр идэлэрин салгыылларыгар сүбэлиибин, бырахтылар да умнан кэбиһиэхтэрэ.

Сааскылаах Өҥөнү оҥорор киинигэр иистэнэргэ, үлэлииргэ олус үчүгэй усулуобуйа тэриллибит. Анал массыына элбэҕэ, сап уурардаах тардыллар остуоллар, манекеннар бааллар. Барыта чөкө даҕаны, этэргэ дылы, олор да үлэлээ. Оннооҕор  биһиэхэ маннык хааччыллыыбыт суох. Итэҕэһэ диэн улахан сирэйдээх остуоллар суохтар. Ол эрэн ити быһаарыллар дьыала. Улуус дьаһалтата бу кууруска үөрэнээччилэри матырыйаалынан хааччыйда. Онон үөрэппит дьонум салгыы иистэниэхтэрэ, билиһиннэрбит идэбин олохторугар туһаныахтара диэн эрэнэбин.

Иискэ үөрэммит Арина Туприна, элбэх оҕолоох ийэ:

— Бу кууруска үөрэммиппиттэн олус астынным. Араас саҥаны биллим. Бэйэм элбэх оҕолоох ийэ буоларым быһыытынан, инники өттүгэр оҕолорбор оскуолаҕа кэтэр таҥаһы атыыласпакка бэйэм тигэр кыахтанным. Холобур, биир оҕоҕо 2500 солк. атыылаһар буоллахпына, билигин матырыйаалынан быдан барыыстаах буолар.

Луиза Тарасова, Үрүҥ Хайа нэһилиэгин ыччата:

Мин бастакы холонуум буолар. Бэйэм оҕуруонан эрэ дьарыктанааччыбын. Бэлэм таҥаһы атыылаһан кэтэри эрэ билэр этим, билигин таҥас хайдах тигиллэр быраабылатын биллэҕим. Саҥа иистэнэр дьоҥҥо олус үчүгэй усулуобуйа тэриллибит, барыта бэлэм, кэллибит да үөрэнэн, иистэнэн барабыт.

Үөрэхтэрин түмүгүнэн эксээмэн тутан, квалификацияны үрдэппиттэрин туһунан туоһу суруктары үөрүүлээх быһыыга-майгыга Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин дириэктэрэ Степанова Фаина Николаевна туттарда.

Маннык куурустарга баҕалаах дьон үөрэнэн, анал идэ ылан, ким тус дьыала арынан, ким бэйэтин олоҕор туһанан, үлэлии-хамсыы олорор.

Ааптар: «Анаабыр уоттара» хаһыат редакцията.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА