Сааскылаахха бу сааскыттан тутуллубут 8 кыбартыылаах толорү хааччыллыылаах дьиэ от ыйын бүтүүтэ үлэҕэ киирэн олохтоохторго аанын тэлэччи аста. Ол курдук, аҕыс ыал саҥа дьиэ күлүүһүн түтан номнуо олохсуйан олороллор. Дьиэ истиин-тастыын бүтүннүү оноһуллубут буолан, саҥа хаһаайыттар бэлэм дьиэҕэ киирдилэр.
Тутуу «Анаабыр улууһугар 2015-2017 сс. тутууну ыытыы» мүниципальнай тус сыаллаах бырагыраама нөҥүө үбүлэнэн, «Анаабыр Алмаастара» АО салалтатынан «Алмас» ХЭТ тутан түмүктээтэ. Сонуна сойо илигинэ, бү күннэргэ саҥа дьиэ олохтоохторугар бара сырыттым.
Бастаан киирбит ыалым биэс оҕолоох Дора Николаевна үонна Алексей Алексеевич Спиридоновтар дьиэ кэргэн үөрэ-көтө көрсөн, түөрт хостоох киэҥ-күоҥ кыбартыыраҕа киирэн олорор үтүмэн үөрүүлэрин үллэһиннилэр.
- Бү иннинэ биһиги дьон икки хостоох дьиэтигэр олорбүппүт. Ол дьиэ ититэр систиэмэтэ сүох бүолан ТЭН-ынан сылытыллар этэ. Уот төлөбүрүгэр ыйга 9 тыыһынчаны төлөөччүбүт. Уот иһин төлөбүр үрдээбитигэр, ону сатаан үйүммакка, тоҥорон кэбиспиппит. Баччааҥҥа диэри орто бөһүөлэккэ икки хостоох дьиэҕэ биэс оҕобутунаан олорон кэллибит. Дьиэбит кыһыннары-сайыннары тымныы бүолан оһоҕүнан оттунар этибит. Оҕолорбут субу-субу ыалдьаллар этэ, кырабыт үрдүнэн кыыспыт тымныйыыта олох ааспат. Уонна кыараҕаһа да бэрт, биир эмэ ыалдьыт кэллэ да, дьиэбит иһэ туолан хаалар этэ. Биирдэ элбэх оҕолоох ийэлэри кытта көрсүһүүгэ ыҥырбыттара, онно кыһалҕабын эппитим. Билигин наһаа үчүгэй оҥоһуулаах, киэҥ-күоҥ, ичигэс дьиэҕэ киирдибит. Ичигэстик кыстыырбытыттан олус үөрэбит, — диэн ыал ийэтэ Дора Николаевна санаатын үллэстэр.
Оттон ыал аҕа баһылыга Алексей Алексеевич маннык диир:
— Мин дьиэ кэргэним аатыттан улуус баһылыгар Иван Семеновка үонна кини солбүйааччытыгар Валерий Зедгенидзевка үлахан махталбын тиэрдэбин. Саҥа дьиэҕэ киирбит үөрүүбүт махтала түгүнан да кэмнэммэт. Мин дьаһалтаҕа киирэн дьиэ наада диэн сулана, ытыы сылдьыбатаҕым. Кинилэр биһиги дьиэ кэргэн хайдах курдук ыарахан усүлуобуйаҕа олорорбутун дьонтон истэннэр, өйдөөннөр бэйэлэрэ ыҥырбыттара. Хамыыһыйанан кэлэн олорор усулуобуйабытын көрөннөр, дьиэ эһиэхэ биэрэбит диэн быһаарбыттара. Дьиэбитин таптаан «кусочек города» диэн ааттыыбыт. Уопсайынан, ылан көрдөххе, улууска дьон олорор дьиэтэ тутуллубатаҕа 20-чэ сыл буолла. Билигин улууспутугар хамсааһын бөҕө таҕыста, тутуу балысханнык сайынна. Киһи онтон үөрэр эрэ. Сыл иһинэн маннык дьиэни тутан таһаарыахха сөп эбит диэн сөхтүбүт. Билиҥҥи дьаһалта нэһилиэнньэ олоҕо дьиҥнээхтик тупсарыгар үлэлэһэллэрэ, кыһаллаллара тута билиннэ. Улуус салалтата кэлэр да сылларга тутууну ситиһиилээхтик ыытыахтара диэн бигэ эрэллээхпин.
20-тэн тахса сыл эргэ дьиэҕэ олорбүт Надежда Игнатьевна үонна Сергей Николаевич Винокуровтар дьиэ кэргэттэрэ өр кэмнээх баҕа санаалара түолан сана дьиэҕэ көспүттэриттэн үөрүүлэрэ муҥура суох:
— Биһиги эргэ дьиэбитигэр 1990 сылтан олорбуппут, 1958 сыллаах тутуу, үопсайа 46 кв. миэтирэ иэннээх этэ. Түөрт оҕобүт бары ол дьиэбитигэр үлааппыттара. Элбэх оҕолоох ыалга кыараҕас бүолан, 1996 сыллаахха кэҥэттиигэ сайабылыанньа суруйбуппут да, дьиэҕит үчүгэй диэн соннүк олордубуттара. Хаарбах дьиэҕэ киирсэн көтүрүллүөхтээх этэ. Биир сыл дьиэбит үрдэ сууллубута, ону быстах кэмҥэ өрөмүөннээбиттэрэ эрэ. Сыл аайы дьиэҕитин көтүрэбит, саҥа дьиэ түтабыт диэн эрэннэрэллэр эрэ этэ. Баһылык Иван Семенов түөрт хостоох дьиэ биэрэн үөрүүбүт мүҥүра сүох. Билигин икки сиэммитин кытта олоробут. Бары тус-туспа хостоохпут. Дьиэ иһигэр барыта баар буолан таһырдьа да тахсар наадата суох бүолла. Онон олохпут биллэ чэпчээтэ. Улуус дьаһалтатыгар улахан махталбытын тиэрдэбит.
Өссө биир саҥа кыбартыыра хаһаайына Константин Андросов аатыттан эдьиийэ Галина Андросова эмиэ махтанар:
— Быраатым Костя аҕатын кытта олорбут дьиэтэ аҕыйах сыллааҕыта үмайан аһаҕас халлаан анныгар хаалбыта. Ол да дьиэтэ олус эргэ, хаарбах туруктаах этэ. Билигин киниэхэ анаан икки хостоох кыбартыыра биэрдилэр. Онон быраатым аатыттан улуус дьаһалтатыгар, чүолаан баһылыкка Иван Семеновка ис сүрэхпиттэн үлаханнык махтанабын.
Үс хостоох кыбартыыра хаһаайката Сардаана Кылтасова эмиэ үөрүүтүн үллэстэр:
— Мин оҕолорбүнаан биир хостоох кып-кыараҕас дьиэҕэ 15 сыл кэриҥэ олорбутум. Дьиэм кыараҕаһыттан кэҥэттиигэ үочаракка турбутум. Билигин үс хостоох, сып-сырдык дьиэҕэ көһөммүт үөрүүм үгүс. Түгэнинэн түһанан үлүүс баһылыгар И.И. Семеновка, «Анаабыр алмаастара» АО урукку салалтатыгар М.Н. Евсеевка, кини солбүйааччытыгар В.Н. Черноградскайга, Ил Түмэн дьокутаатыгар И.И. Андреевка, «Алмас» ХЭТ салайааччытыгар М.В. Евсеевка бу хоту улууска олорор дьоҥҥо аныгы олох ирдэбилигэр толорү эппиэттиир, түпсаҕай оҥоһүүлаах саҥа дьиэ тутан үлэҕэ киллэрэн, биһигини өйөөн-өйдөөн дьиэ биэрбиттэригэр үөрүүбүтүн үллэстэн ис сүрэхпититтэн махтанабыт. Бу курдук мындыр санааларынан, эдэрдии эрчимнэринэн улуус сайдарын туһугар ыытар үлэҕит, саҕалаабыт дьыалаҕыт үтүө түмүктээх бүоллүн. Үлэлэригэр ситиһиини, дьиэ кэргэттэригэр бөҕө туругу, дьолу-соргуну баҕарабыт.
This post was published on 19.08.2016 15:53 15:53