Сааскылаахха 11 тиэргэн ууттан босхолонно

Хаартыска: ЯСИА саайта

Анаабыр улууһун Сааскылааҕар түөрт тиэргэн халаан уутуттан босхолонно. Ол туһунан ЫБММ Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрдэ.

«Дьиэлэр ууттан босхолоннулар, ууга турар дьиэ суох. Кэлэр сууккаҕа уу түһүүтэ барар, муус Үрүҥ Хайа уонна Сааскылаах ардыгар устар. Кутталлаах балаһыанньа бэлиэтэммэт», – диэтэ Павел Гарин, сүрүн управление начаалынньыга.

Бэс ыйын 3 күнүгэр Өлүөнэ бэҕэ муус Булуҥ улууһун туһаайыытынан устар.

This post was published on 03.06.2024 11:03 11:03