Сааскылаахха хоту дойду кылгас сайынын баттаһа, тутуу үлэтэ күргүөмнээхтик ыытыллар. Ол курдук, бу сааскыттан «Анаабыр Алмаастара» ААУо салалтатынан үлэлиир «Алмас» тэрилтэ Сааскылаахха 8 уонна 12 кыбартыыралаах толору хааччыллыылаах икки этээстээх дьиэлэри тута сылдьар.
Билигин ити дьиэ көҥдөйө туран, улэһиттэр дьиэ ис-тас үлэтин оҥоро сылдьаллар. Ону таһынан 8 кыбартыыралаах дьиэ тутуллан номнуо үлэҕэ киириэҕэ.
Итини таһынан Ю.Туприн уулуссатыгар тулаайах оҕолору дьиэнэн хааччыйыы бырагараама чэрчитинэн 8 кыбартыыралаах толору хааччыллыылаах дьиэ тутуллар. Тутуу улэтин олохтоох «Услуга» ХЭТ тэрийэр. Дьиэ базальт үллүктээх буолан, тутуу үлэтэ тургэнник барар. Билигин үлэһиттэр дьиэ иккис этээһин тута сылдьаллар. Итиэннэ тэрилтэ «БизнесИнкубаторы» тутан саҕалаата. Билиҥҥи туругунан дьиэ акылаата түһэн, үлэһиттэр тутуу улэтигэр күргүөмнээххтик түһүннүлэр.
Маны сэргэ Сааскылаах орто оскуолатын көҕүлээһининэн, оскуола иһинэн быйылгы үөрэх дьылыгар 9-11 кылаас оҕолорун «А», «В», «С» категорияҕа массыынаны ыытыыга анал куурустарга үөрэтиэхтэрэ. Онон бу сайын автодело куурсун үөрэтэр анал оборудованиялаах дьиэ тутуута саҕаламмыта. Кылгас кэм иһигэр үлэһиттэр дьиэ көҥдөйүн тутан бутэрбиттэр. Билигин дьиэ тас өттүн профлииһинэн эпсиэйдии сылдьаллар.
Сааскылаахха быйыл да тутуу үлэтэ күөстуу оргуйар. Дьиэлэр сигилилэрэ ситэн, сотору кэминэн бөһүөлэк саҥа дьиэлэринэн киэркэйиэ турдаҕа.