Сандал сааспыт кэлэн, эр дьон эрэ барыта кустуу, бултуу, балыктыы бараары тиэтэйэр. Ол эрээри, ыллыҥ да кустуу барарыҥ табыллыбат! Кустааһын көҥүллэнэ илигинэ сааланар бобуулаах. Бу күннэргэ көтөр кынаттаахха 2017 сыл сааһыгар бултааһын болдьоҕо бигэргэннэ.
Кустааһын болдьоҕо: |
||
Хааска: | 1. Анаабыр, Булуҥ, Усуйаана | Ыам ыйын 24 күнүттэн 26 күнүгэр диэри |
2. Аллайыаха, Дьааҥы, Аллараа Халыма | Ыам ыйын 16 күнүттэн 18 күнүгэр диэри | |
3. Абый, Аллараа Халыма, Эдьигээн, Өлөөн, Орто Халыма, Эбээн Бытантай уонна Мирнэй оройуонун Айхал, Удачнай куораттарын территорияларыгар баар бултуур сирдэргэ | Ыам ыйын 6 күнүттэн 8 күнүгэр диэри | |
Куска, хааска, куоҕаска, туотаайыга (атыырдарын эрэ): | 1. Анаабыр, Аллайыаха, Усуйаана | Бэс ыйын 4 күнүттэн 10 күнүгэр диэри |
2. Булуҥ, Аллараа Халыма | Бэс ыйын 1 күнүттэн 7 күнүгэр диэри | |
3. Абый, Аллараа Халыма, Үөһээ Халыма, Эдьигээн, Өлөөн, Орто Халыма, Эбээн Бытантай уонна Мирнэй оройуонун Айхал, Удачнай куораттарын территорияларыгар баар бултуур сирдэргэ | Ыам ыйын 31 күнүттэн бэс ыйын 6 күнүгэр диэри | |
4. Муома | Ыам ыйын 16 күнүттэн 25 күнүгэр диэри | |
5. Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Мирнэй (Айхалтан уонна Удачнайтан ураты), Ньурба, Өймөкөөн, Сунтаар | Ыам ыйын 14 күнүттэн 23 күнүгэр диэри | |
6. Алдан, Амма, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Нерюнгри, Өлүөхүмэ, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Уус Маайа, Хаҥалас, Чурапчы, Дьокуускай куорат уокуруга | Ыам ыйын 11 күнүттэн 20 күнүгэр диэри | |
Андыга: | 1. Амма, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Мэҥэ Хаҥалас, Муома, Нам, Өймөкөөн, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Хаҥалас, Чурапчы | Бэс ыйын 1 күнүттэн 4 күнүгэр диэри |
Уларга (атыырын эрэ) уонна куртуйахха: | Бары улуустарга | Ыам ыйын 7 күнүттэн 16 күнүгэр диэри |
This post was published on 12.04.2017 10:00 10:00