Сааскы халаан уутугар эмсэҕэлээбиттэргэ 2,5 мөл солкуобайдаах көмө оҥоһулунна

Фото: Виктория Сергеева/ЯСИА

Саха сиригэр сааскы халаан кэмигэр өрөспүүбүлүкэ аҕыс оройуонугар 58 дьиэ ууга барда, 259 киһи эмсэҕэлээтэ. Ууга эмсэҕэлээбиттэргэ 2 мөл. 535 тыһыынча солкуобайдаах материальнай көмө оҥоһулунна, диэн регион бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников иһитиннэрдэ.

Дьиэлэр Анаабыр, Горнай, Кэбээйи, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Таатта, Усуйаана уонна Хаҥалас оройуоннарын 22 нэһилиэгэр ууга бардылар.

Садовникова этэринэн, Өлүөнэ, Халыма уонна Амма өрүстэригэр биэс дэлби тэптэрии оҥоһулунна, тоҕус быыһыыр үлэ ыытылынна 11 киһи быыһанна.

This post was published on 08.06.2023 17:03 17:03