Сааскы билгэ олоҕу-дьаһаҕы дьаһанарга көмө буолар. Холобур, үгүрүө көтө-көтө үөһээттэн таҥнары түһээри куттуура элбээбит. Эбэтэр тыыраахылар халлаан оройугар тахсан тайаараллар диэччилэр. Оччоҕуна хайдах күн-дьыл буолар эбитий?
- Тыаллаах-куустаах, ардахтаах күннэр үүнээри гыннахтарына, көтөрдөр сырыылара тосту уларыйа түһэр.
- Холобур, ардах кэлээри гыннаҕына, кустар от быыһыгар түһэ уонна көтө мээрик буолаллар. Оччоҕуна уһун ардахтаах күннэри күүтэҕин.
- Халлаан көнөөрү гыннаҕына, тыыраахылар халлаан оройугар тахсан тайаара эргийэллэр. Тыыраахы көтө сылдьан тоноҕосчутунан, онтон да атын кынаттаах бырдах үөннэринэн аһыыр.
- Үгүрүө көтө-көтө үөһээттэн таҥнары түһэрэ хойуннаҕына, салгын сылыйар, халлаан көнөр. Сааскы ичигэс салгын илинтэн, соҕурууттан илгийэр.
- Бараах үөрэ кэллэҕинэ, кус бары көрүҥэ күргүөмүнэн айанныыр кэмэ саҕаланар.
А.А.Яковлев «Байанай Барыылаах Байанайдан!» кинигэтиттэн, «Бичик» («Айар»), 2014 с.
This post was published on 12.03.2025 14:09 14:09