Ньургуһун сааһы аҕалар маҥнайгы нарын, хорсун сибэкки, биһиги дойдубутугар 5 арааһа үүнэр, саамай тарҕаммыт өҥүнэн араҕас буолар, ол кэнниттэн көҕүрүмтүйэн көстөр өҥнөөх ньургуһун.
Онтон атын фиолетовай, сиреневайөҥнөөхтөр. Бу 3 көрүҥ кыһыл кинигэҕэ киирбиттэрэ. Хомойуох иһин ньургуһун сылын ахсын аҕыйаатар аҕыйаан иһэр. Тоҥ буору тобулан сааскы дьыбар тымныыттан толлубакка үүнэр нарын-намчы бэйэлээх, ырыаҕа ылланар кэрэ сибэккини харыстыырга араас үлэлэр ыытыллаллар Ол курдук саха сиринээҕи ботаническай садка сиэмэнэн тарҕатар ньыманан үлэ барар. Јлүөхүмэҕэ ураты харыстанар сиргэ саамай сэдэх өҥнөөхтөр үүнэллэр. Холобур, ыраах хоту сир Уус-Маайа, Үөһээ Дьааҥы олохтоохторо ньургуһуну тэпсиэхтэрин, алдьатыахтарын баҕарбаттар. Онтон медицинаҕа эмп курдук туһалааҕынан биллэн, билигин дьиҥнээх медицинаҕа туттуллара көҥүллэннэ. Онтон хомуллар кэмэ сибэккитэ саамай арылла илик кэмигэр буолар. Ол эрэн манан үлүһүйүү хааччахтаныан наада, бэйэҕэ сип буолары эрэ хомуйуохха. Общественнай түмсүүлэри көҕүлээн журналист-Иван Ушницкай ырыа, кэпсээн кэпсээтэххэ, харайыаххха диэн ыҥырыы ыытар, кини ыам ыйын бастакы аҥарыгар ньургуһун күнүн ыытар буолбута. Саха сирин араас муннугар энтузиаст Иван Ушницкай ыҥырыытын өйөөн оройуоннар нэһилиэктэринэн общественнай түмсүүлэр араас дьикти көрүннээх тэрээһиннэри ыытар буоллулар. Бу сүрдээх улахан суолталаах, бастатан туран төрөөбүт дойдубут айылҕатын харыстыырга, таптыырга үөрэтэр, сирдиир аналлаах акция биир көрүҥэ.
Онон, Иван Ушницкай саҕалаабыт үтүө дьыалата салҕанан барара наада. Биһиги ыраах хоту, уһун тымныылаах дойдубутугар Өлөөн оройуонун Кирбэй нэһилиэгэр 3 сыл субуруччу олохтоох общественнай түмсүүлэри кытта ньургуһун күнүн тэрийэн ыытабыт. Былырыыҥҥы ньургуһун күнэ ыам ыйын 21 күнүгэр — Ырыа күнүгэр анаан, таптаан сынньанар Таалакааммыт хайатыгар ыытыллыбыта. Ааспыты ахтар буоллахха, 2012 сыллаахха ыам ыйыгар Кирбэй нэһилиэгэр общественнай түмсүүлэри кытта көмөлөөн «Ньургуһунум барахсан»диэн ааттаах бастакы- ньургуһуҥҥа аналлаах биэчэри ыыппыппыт. Ааспытын кэннэ санаан ыларга сүрдээх үчүгэй, бу нарын-намчы, хорсун сибэккини уруйдаан-айхаллаан сүрдээх ис киирбэх биэчэр тэриллэн хаалбыта, кыттыбыт, көрбүт дьоннор бары астыналлар, билиҥҥэ диэри хайгыыллар. Онно кыргыттар хоһоон суруйан холоммуттара, ол хоһоонноро Кириллова К.В.олохтоох редакцияҕа бэчээттэппит кинигэтигэр киирбиттэрэ.
Маннык тэрээһини тэрийиэхпин баҕарабын диэбиппэр олохтоох дьаһалта баһылыга Кондакова М.А.,сүрүннүүр специалист Семенова П.В., түмсүүлэр өйөөннөр, идеям олоххо киирбитигэр дьоммор-сэргэбэр махтанабын. Быйыл да итинник хабааннаах тэрээһини ыытыахпыт диэн былааннанабыт. Ньургуһуну харыстыахха, олорор сирбитигэр үүнэр тымныыттан толлубат, хорсун санааҕа кынаттыыр, кэрэҕэ сирдиир нарын-намчы сибэккини элбэтиэххэ!
Бырайыак автора Надежда КОЛОДЕЗНИКОВА.
This post was published on 18.05.2016 14:43 14:43