Саас ханнык битэмиини иһэри быраас сүбэлээтэ

Битэмиини оҥорор Solgar хампаанньа исписэлииһэ Светлана Лозовская «Известияҕа», саас ханнык битэмиини иһэр ордугун кэпсээтэ.

Эксперт эппитинэн, аһыыр аспытыгар доруобуйабыт туругар олус наадалаах микронутриеннар аҕыйаан иһэллэр. Ол иһин саас битэмин иһэр туһалаах.

«Сүрүн бородуукталар — бу, биллэн турар, мультивитаминнай комплекстар, холобур састааба чуолкай биллэр «Мульти I»; иммунитеты олохсутар — D битэмиин (сууккаҕа дозата — 600 МЕ), С битэмиин (куртаҕы буортулаабат — «Эстер-С» ордук), цинк (сөптөөҕө — пиколинат) уонна омега-3 (маны балыктан ылар ордук)», — диэтэ исписэлиис.

Рациоҥҥа эбии гиалуроновай кислоталаах коллаген, хондропротектордары, кальций уонна да атыттары киллэриэххэ сөп, ситэрэн биэрдэ Лозовская.

Бу сүбэлэр атын исписэлиис консультациялыырыттан босхолооботтор. 

This post was published on 18.02.2022 15:01 15:01