22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саарбах дьон эмчиттэр санааларын хайыта сатыыр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Соторутааҕыта Нерюнгрига доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрин «Действие» регионнар икки ардыларынааҕы профсоюһун хос бэрэссэдээтэлэ Андрей Коновал кэлэ сырытта. Бу сырыы сыалын-соругун туһунан «В Якутии независимый профсоюз медиков грозит «итальянской» забастовкой». ыстатыйаны «Якутск вечерний» хаһыат бэчээттээтэ. А.Коновал быһаарарынан, эмчиттэр докумуоҥҥа суруллар орто хамнастара уонна илиилэригэр ылар хамнастара араастаһыылаах, ону быһаарар соруктаах Нерюнгрига кэлбит. Ону таһынан кини Нерюнгритааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа Ньургун Степанов киллэрбит дохуоттарын декларациятын «кырдьыга суоҕунан» аахпыт. Ижевскайтан кэлбит ити бэлиитик кылаабынай быраас хамнаһын сууматыттан соһуйбутун уонна абарбытын туһунан эппит.

Нерюнгрига тахсыбыт бу дьыала төһө оруннааҕын уонна Нерюнгри киин балыыһатын быраастара дьиҥинэн төһө хамнаһы аахсалларын туһунан тустаах дьонтон ыйыталастыбыт.

Ньургун Степанов – Нерюнгри киин балыыһатын кылаабынай бырааһа:

– Биһиги эмчиттэрбит хаһыакка бэчээттэммит хамнастарын суумата дьиҥ ылар хамнастарыгар сөп түбэспэт. Элбэҕи эппэккэ эрэ 2015 сыллааҕы дохуоппутун көрдөрөбүн. Маны көрөн баран, кэккэ быраастар орто хамнастара ыйга 100-200 тыһыынча буолуон сөбүн итэҕэйиэххит.   Эбэн эттэххэ, кылаабынай быраас хамнаһа бу балыыһаҕа саамай үрдүк буолбатах. Медицинскэй сиэстэрэлэр 36508 солк, санитаркалар уонна сиэстэрэ-хаһаайкалар 21147 солк. ылаллар. Биһиги билигин эмчиттэр хамнастарын «Суол каартатынан» былаан быһыытынан үрдэтэбит.

Эбэн эттэххэ, Ньургун Степанов А.Коновалтан тоҕо кылаабынай быраастан тугу да ыйыппакка эрэ, тута уопсастыбаннай сэбиэти тэрийэн барбытын уонна оройуон баһылыгар киирбитин туһунан ыйыппыт. Онуоха бэлиитик чуолкайдык өйдөнөр эппиэти биэрбэтэх.

Анатолий Уланов – киин балыыһа травматолог-бырааһа:

– Норуот өс хоһооно этэрин курдук, харчы хаһан да элбэх буолбат. Ол гынан баран, мин, эдэр исписэлиис, ылар хамнаһым миэхэ тиийэр. Ый аайы орто хамнастан элбэх сууманы аахсабын. Үлэбиттэн астынабын, онон ханнык да собостуопкаларга кыттар санаам суох.

Людмила Корнилова — РФ доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрин профсоюһун Саха сиринээҕи тэрилтэтин бэрэссэдээтэлэ:

– Биһиги профсоюзпут үлэ төлөбүрүгэр базовай акылааты үрдэтиигэ өр кэмҥэ үлэлээн кэллэ. Туһааннаах министиэристибэлэргэ оробуочай бөлөхтөр тэриллибиттэрэ. Сыл устата хас да көрүҥү оҥордубут уонна үөрэттибит. Биһиги үлэбит түмүктээх буолуоҕар эрэнэбит уонна хантан кэлбиттэрэ биллибэт саарбах дьон көмөлөрүгэр наадыйбаппыт.

Нерюнгри балыыһатын үлэһиттэрин хамнастара оннук кырата суох. Мин бу балыыһа үлэһиттэрин түмсүүлээх, үлэһит уонна эппиэтинэстээх кэлэктиип быһыытынан билбитим ыраатта. Биһиги эмчиттэрбит   Арассыыйаҕа ыарахан кэмҥэ будулхай ууттан күүгэни устар биллибэт дьон тылларыгар киирэн биэрбэттэригэр эрэнэбин. Итинник дьон сымыйа сураҕы тарҕатан аймалҕаны таһаара, кэлэктииби, уопсастыбаны хайыта, региоҥҥа балаһыанньаны сытыырхата сатыыллар.

Мин бу күннэргэ профсоюз киин кэмитиэтин кытары телефонунан кэпсэтэ сылдьыбыппар кырдьык бу «табаарыстар» Арассыыйа устун гастроллуулларын туһунан эттилэр. Кинилэр профсоюзка баара-суоҕа 2 тыһыынча чилиэннээхтэрин туһунан этэллэр. Оччотугар кинилэр ханнык үптэринэн маннык киэҥник хардыылыылларыгар саарбахтыыгын. Баҕар, кинилэргэ ким эрэ дэлэйдик көмөлөһөрө буолаарай?

Людмила Корнилова Нерюнгри оройуонун баһылыга Андрей Фитисов тутуспут хайысхата өйдөнүллүбэтин туһунан бэйэтин санаатын эмиэ эттэ. Баһылык кимэ-туга биллибэт Андрей Коновалы ытыс үрдүгэр түһэрэн ылбыт уонна гастролер уопсастыбаннай сэбиэккэ тыл этэригэр кыаҕы биэрбит (балыыһа биир да бэрэстэбиитэли ыҥырбакка эрэ). Маннык балаһыанньаны кэлэр быыбардарга бэлиитикэ оонньуутун курдук сыаналыахха сөп.

Нерюнгри балыыһатын үлэһиттэрэ бэйэлэрэ да үлэлэрэ элбэҕин, бэлиитикэ араас оонньууларыгар кыттыһар сололоро суоҕун туһунан этэллэр. Кэлэктиип дьонун үксэ саарбах дьон тэрийэр пиар-акцияларыгар кыттар санаата суох. «Биллэн турар, акылааппыт кырдьык улахана суох, ол гынан баран, сүрүн хамнаспытыгар эбии төлөбүрдэр,   биригээдэнэн бэдэрээттэр, дьуһуурустубалар уо.д.а. эбиллэллэр. Ньургун Степанов кылаабынай бырааһынан кэлиэҕиттэн ыла балыыһаҕа олохтоох өрөмүөн ыытыллыбытыттан, саҥа инструменнар, аппаратуралар уонна миэбэл   атыылаһыллан, балыыһа иккис тыынын ылбытыттан астынабыт», – диэн санааларын үллэстэллэр.

Тустаах дьон санаатыгар эбэн эттэххэ, Андрей Коновал маннык сырыылара хас да региоҥҥа бэлиэтэммит. А.Коновал туһунан федеральнай сонуну киэҥник тарҕатар уорганнар суруйууларыгар сигэннэххэ, кини наар биир сценарийынан үлэлиирэ көстөн тахсар. Ханнык эрэ региоҥҥа көтөн кэлэн, эмтиир тэрилтэлэр салайааччыларын кытары биир тылы булбат хас да үлэһити түмэн, «тутулуга суох профсоюһу» хомуйар, пикет тэрийэр, сонуну киэҥник тарҕатар ханнык эмэ сириэстибэлэргэ интервью биэрэ охсор уонна ол дойдутугар хайдыһыыны таһааран баран, төттөрү дойдутугар көтөр.

Ол да иһин, СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ эмп тэрилтэлэрин үлэһиттэрин араас киксэриигэ уонна саарбах дьон биллэ-көстө сатыыр бэлиитикэҕэ оонньууларыгар киирэн биэрбэттэригэр эрэнэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА