Саамай уһун суһуохтаах кыыска үрүҥ көмүс киэргэли бэлэхтиэхтэрэ

«Уһун суһуох — 2016» кыргыттарга анаммыт өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус кыайыылааҕар «Драгоценности Якутии» ювелирнай компанияттан үрүҥ көмүстэн кутуллубут сахалыы баттах киэргэлин бэлэхтиэхтэрэ.


«Элбэх дьон көрдөһүүтүнэн куонкуруска сайаапканы хомуйууну ыам ыйын 22 күнүгэр диэри уһаттыбыт. Билиҥҥитэ 40 сайаапка киирдэ», — диир «Колокольчик» («Чуоранчык») оҕо сурунаалын эрэдээктэрэ Татьяна Жиркова.

Куонкуруһу түмүктүүр түһүмэх бэс ыйын 3 күнүгэр ыытыллыаҕа.

Куонкурус туһунан сиһилии иһитиннэриилэри Инстаграм уонна ВКонтакте страницаларга булуохха сөп. Докумуоннары Дьокуускай к., Орджоникидзе аатынан уул., 31, 126-127 кабинеттарга эбэтэр kolkonkurs@mail.ru электроннай аадырыска ыытыахха сөп.

This post was published on 05.05.2016 15:17 15:17