Саахымакка Ил Дархан Кубогын Дмитрий Кокарев ылла

Хаартыска: ЯСИА саайта

Норуоттар ардыларынааҕы гроссмейстер, Свердловскай уобаластан Дмитрий Кокарев саахымакка Саха сирин баһылыгын II Кубогын тутта. Бу Россия Кубогын түһүмэҕэ буолар.

Кокарев эдэрдэргэ аан дойду чемпиона, Тольяттиттан Алексей Гребнёву хотто, суруйар ЯСИА.

Турнирга 58 спортсмен дойду 11 регионуттан кытынна. Алта норуоттар ардыларынааҕы гроссмейстер, аан дойду чемпионнара бааллар.

Тоҕус тур оонньонно.

«Барыта үчүгэй, Саха сирин баһылыгын Кубога — Россия турнирдарын тэрийиигэ биир бастыҥынан буолар, ол иһин кэлбитим. Ааспыт сылга эмиэ кэлиэхтээх этим, ити эрээри харгыстар үөскээбиттэрэ, онон быйыл баар кыаҕы мүччү туппакка кэллим. Саахымакка маастарыстыба улаатарыгар баҕарыам этэ. Ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, көрдөрүү тупсубут. Маастар-кылаастары, оонньуулары көрдөххө, өрөспүүбүлүкэҕэ саахымат сайдар», — диэтэ ЯСИА-ҕа Дмитрий Кокарев.

Сиһилии: https://ysia.ru/dmitrij-kokarev-stal-obladatelem-kubka-glavy-yakutii-po-shahmatam/

This post was published on 01.02.2024 09:33 09:33