Саахалланар туруктаах дьиэттэн көһөрүүгэ 24 млрд солк көрүллүөҕэ

Саха сиригэр 2024 сылга диэри саахалланар туруктаах дьиэлээх олохтоохтору көһөрүүгэ 24 млрд солк көрүллүөҕэ. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ бырайыага национальнай бырагыраамаҕа киирбитэ, ол аата көһөрүү 99% федеральнай, оттон 1% эрэгийиэннээҕи бүддьүөттэртэн ананар. Маны СӨ тутууга уонна архитектураҕа миниистирэ Вера Кузакова брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.

СӨ тутууга уонна архитектураҕа миниистирэ Вера Кузакова

«Саха сиригэр саахалланар уонна хаарбах туруктаах дьиэлээхтэр фондаларыгар федеральнай бүддьүөттэн 24 млрд солкуобай 2024 сылга диэри көрүллэрэ бэлиэтэнэн турар: 2 млрд 100 млн солк. — 2019 сылга,  4-түү млрд солк. — 2020-2023 сс., 2024 сылга — 5 млрд солк.«, — диир Вера Кузакова.

Миниистир бэлиэтииринэн, хаарбах туруктаах дьиэттэн көһөрүү федеральнай бырайыакка киирбит: «Көһөрүүгэ 99% федеральнай, оттон 1% эрэгийиэннээҕи бүддьүөттэртэн көрүллэр диэн быһаарыныы ылыныллыбыта», — диэн.

edersaas.ru

This post was published on 15.08.2018 17:53 17:53