Бэс ыйын 29 күнүгэр Алдан оройуонугар Ми-8 саахалланыытын түмүгэр эчэйиини ылбыт аҕыс киһини бүгүн сарсыарда эрдэ Дьокуускайга аҕаллылар.
««Полярные авиалинии» АХ Ми-8 бөртөлүөтэ саахалламмыт сириттэн «Авиалесоохрана» үлэһиттэрин Дьокуускайга аҕаллылар. Кинилэргэ медицина суһал көмөтө ирдэнэр. Хаалбыт 15 киһи, ол иһигэр экипаж, иккис бордунан кэлиэхтэрэ», — диэн авиахампаанньа пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Санаттахха, бэҕэһээ 21.30 чааска Алдан оройуонун Чагда сэлиэнньэтиттэн 30 км тэйиччи бөртөлүөт саахалланан олорбутун туһунан экипажтан иһитиннэрии киирбитэ. Уус Майаттан көппүт салгын аала ойуур баһаарын умуруорууга аналлааҕа. Бортка экипаж үс чилиэнэ уонна «Авиалесоохрана» 20 сотруднига баара.
This post was published on 30.06.2022 09:01 09:01