Өрөспүүбүлүкэ биир бастыҥ хаһаайыстыбата, Мэҥэ Хаҥаластааҕы «Тумул» кэпэрэтиип, Эбэ Түгэҕэр баар ыанньык сайылыгын саҥарда сылдьарын туһунан биһиги суруйан турабыт. Суруйар edersaas.ru
«Тумулга» былырыын сайын 44 миэтэрэ усталаах, 22 миэтэрэ кэтиттээх титиик тутуллубута итиэннэ үс олорор дьиэ көҥдөйө бүппүтэ. Быйыл саас ол барыта ситэриллэн, үлэҕэ киллэрилиннэ. Онон, ыанньыксыттар саҥа титииккэ үлэлииллэр, ыабыт үүттэрин саҥа үүт тутар пууҥҥа туттараллар.
Саҥа дьиэлэргэ пиэрмэ сэбиэдиссэйэ Альберт Громов, ыанньыксыт Наталья Кандинская уонна үүтү тутааччы Мария Миронова дьиэ кэргэттэрэ киирэн, үөрүүлэрэ муҥура суох.
Сайылыгы саҥардыыга барыта 6 мөл. 122 тыһ. солк. туттуллубутуттан, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ тустаах бырагыраама чэрчитинэн, 4 мөл. солк. көрбүт, кэпэрэтиип 1,5 мөл. үбүлээбит, ону таһынан улуус дьаһалтата 500 тыһ. солк. көмөлөспүт.
Өссө биир үөрүүлэҕэ диэн тутууга туораттан дьону наймыласпатахтар, кэпэрэтиип бэтэрээнэ Петр Птицын олохтоох ыччаттартан бэйэтэ биригээдэ тэрийэн үлэлээбит.
Даҕатан эттэххэ, кэпэрэтиип 600 ынах сүөһүтүн түөрт сиринэн сайылатар, ол курдук, 220 ыанар ынах Эбэ Түгэҕин уонна Дьаам сайылыктарыгар, ньирэйдэр Хомуска, оттон субаттар ыраах учаастакка тахсаллар. Билигин ыанньыксыттар күҥҥэ холбоон 2,5 туонна үүтү ыыллар итиэннэ хас биирдиилэрэ сайыҥҥы ыйдарга ынах ахсыттан 1260 киилэ үүтү ыырга эбэһээтэлистибэ ылынан үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
This post was published on 06.07.2020 16:02 16:02