Ил Дархан Айсен Николаев икки улахан суолталаах ыйаахха илии баттаабытын туһунан бүгүн телеграм-ханаалыгар иһитиннэрдэ, суруйда Саха сирэ саайт.
Ол курдук, 2030 сылга диэри болдьохтоох «Об основных направлениях государственной политики Республики Саха (Якутия) в Арктической зоне Республики Саха (Якутия)» уонна «Об экологическом благополучии Республики Саха (Якутия)» ыйаахтарга илии баттаата.
Ил Дархан ыйааҕыгар өрөспүүбүлүкэ Арктическай зонатыгар үс тумус туттуллар хайысханы бэлиэтээтэ. Нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбатын таһыма үрдүүрүн таһынан, социальнай инфраструктураны саҥардыы, нэһилиэнньэҕэ табыгастаах усулуобуйаны тэрийии, сүрүн хапытаалга инвестиция кээмэйин улаатыннарыы киллэриллибит.
Хас биирдии хайысхаҕа эрэгийиэннээҕи бырабыыталыстыбаҕа чопчу соруктар туруоруллубуттар. Холобур, Арктическай оройуоннарга олохтоох тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатынан хааччыйыыны 2030 сылга икки төгүл улаатыннарыы, Арктика оройуоннарыгар сылдьарга эрэйдээх, уустук суоллаах-иистээх нэһилиэнньэлээх пууннар 60 бырыһыаннарын пассажирдары таһыынан хааччыйыы.
Бары Арктическай оройуоннарга ИT-кииннэр баар буолуохтара. Эминэн-томунан хааччыллыы бырайыага үлэлиэҕэ.
Маны таһынан толору хааччылыылаах эньиэргийэ өттүнэн көдьүүстээх олорор дьиэлэр пилотнай бырайыактара үлэлиэҕэ. Олорор дьиэни тутууга тутуу матырыйаалын тиэйии бүддьүөттэн субсидияланыаҕа. Ураты болҕомто Тиксии-Найба агломерацияны сайыннарыыга ууруллуоҕа.
Ыйааҕы сиһилии манна билсиҥ https://www.sakha.gov.ru/uploads/ckfinder/userfiles/2024/03/13/files/244_65f11b33c80