Саҥа тутуллар дьиэ сыаната ыараата

2020 сылтан Уһук Илиҥҥэ 2 бырыһыаннаах ипотеканы биэрэн саҕалаабыттара. Ол саҕаланыаҕыттан, олус элбэх киһи сайаапка биэрэн, саҥа тутуллар дьиэ сыаната ыараата, диэн суруйар edersaas.ru


Уһук Илиҥҥэ чэпчэтиилээх ипотеканы киллэрэр туһунан Владимир Путин 2019 сыл балаҕан ыйыгар Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа эппитэ. Бырагыраама 2020 сылтан үлэлээн барда.

Билигин бу чэпчэтиилээх ипотекаҕа саамай элбэх сайаапка Приморьеҕа, Саха сиригэр, Хабаровскай кыраайга, Бурятияҕа, Сахалиҥҥа киирбит. Бырагыраама ирдэбилинэн, саҥа тутулла турар, тутуллубут дьиэҕэ тэрилтэттэн эрэ ылар көҥүллэнэр. Онон Дьокуускайга олунньу ыйга саҥа тутулла турар дьиэлэргэ кыбартыыралар бүтэн хаалбыттара, ону ааһан, сыаналара үрдээбитэ. Манна “хара риэлтордары” күтүрүүллэр. Тутааччыттан элбэх кыбартыыраны атыылаһан ылан баран, былдьаһык кэмигэр сыанатын үрдэтэн атыылаатылар диэн.

Үчүгэй усулуобуйалаах бырагырааматтан матаары гыммыт дьон ыксаан, ыарахан сыанаҕа да ылар буоллахтара. Ааспыт сылга саҥа тутуллар кыбартыыраҕа 1 м2 сыаната 75-80 тыһыынча солкуобай эбит буоллаҕына, олунньу ыйга 100 тыһыынча солкуобайга тиийдэ. Эдэр ыаллары дьиэлииргэ үчүгэй дьаһал эрээри, атыттарга бу мөкү өттүнэн дьайан таҕыста.

Сыана ыараабыта, саҥа тутуллар кыбартыыра атыыга суох буолбута туох үчүгэйдээх буолуой? Муҥар, Уһук Илин олохтоохторо бары маннык чэпчэтиинэн туһаналлара эбитэ буоллар, син да этэ. Маны эрдэттэн сэрэйэн, хос-хос атыылаһан-атыылаан, соруйан сыананы үрдэтэр дьону булан, миэрэҕэ тардыахха баара. Ил Дархан Айсен Николаев тутааччылар сыаналарын кы­­таанахтык хонтуруоллуохпут диэн эрэннэрбитэ. “Бырабыыталыстыба тутааччылары кытта үлэлээн, сыана үрдээбэтин туһугар кытаанах миэрэлэри ылыаҕа”, — диэн эппитэ.

Уһук Илини сайыннарар ми­­нистиэристибэ эмиэ балаһыанньаны хонтуруоллуурун туһунан иһитиннэрэр. Эрэгийиэннэргэ тутуу кээмэйин элбэттэххэ, маннык кыһалҕа сүтүөхтээх. Холобур, тутааччыларга сир сыанатын чэпчэтэн, итинник курдук миэрэлэри ылыннахха, сыана үрдүүрүн хонтуруоллуохха сөп.

Риэлтордар: “Кыбартыыра суох!”

Дьокуускайга бу бырагыраамаҕа хапсар, саҥа тутулла турар дьиэлэргэ сыана төһө буолбутун билээри, риэлтордарга, тутааччыларга эрийэ сырыттыбыт. “Этажи” риэлторскай хампаанньаҕа 2 бырыһыаннаах ипотеканан кыбартыыра бүтэн эрэрин туһунан иһитиннэрдилэр.

— Куорат киинигэр бу бырагыраамаҕа хапсар кыбартыыра суоҕун кэриэтэ. Биир эмит таҕыстаҕына да, чаас иһигэр тута “бронь” оҥороллор, ыла тураллар. Кытыы оройуоннарга, холобур, Ильменскэй, Бүлүүлүүр аартык диэки син бааллар. Бэйэҕит тутааччыларга эрийэн ыйыталаһыаххытын сөп. Риэлтор өҥөтүн туһаннаххытына, биллэн турар, эбии төлөбүрдээх.

“Приоритет” риэлтор ааҕы­ныстыбата:

— Ыраах соҕус, Бекетов уулуссатыгар тутулла турар дьиэҕэ баар. Олус аҕыйах кыбартыыра бу бырагыраамаҕа хапсар, былдьаһык. Кытыы сиргэ сыаната 85-90 тыһыынча солкуобай. Куорат киинигэр, 203 микрооройуоҥҥа 100 тыһыынчаҕа атыыламмыттара. Тутааччылар бэйэлэрэ сыаналарын үрдэттилэр. Кинилэргэ 2%-нааҕы атыылыыллара барыһа суох.

Тутааччылар: “Кыбартыыра баар!”

Онон, риэлтордар 2%-наах ипотеканан атыыланар кыбартыыра суоҕун кэриэтэ диэн этэллэр. Оттон тутааччылар туох дииллэрий?

“Утум” хампаанньа:

— Билигин биһиги Ярославскай уулуссатыгар баар “Гармония” комплекс 1-кы, 2-с уочараттаах дьиэлэригэр кыбартыыралары атыылыыбыт. Бу сыл бүтүүтэ уонна эһиил тутуллан киириэхтээхтэр. Бу дьиэлэргэ 2%-наах ипотеканан ылыахха сөп. Сүүрбэччэлии эрэ кыбартыыра атыыланара хаалла. “ВТБ”, “Дом.РФ”, “РИА” бааннары кытта үлэлиибит. “Сбербаан” суох. Сыаната 1 хостоохторго: 45 кв.м. – 3 941 000 солкуобай, 53 кв.м. – 4 616 000 солкуобай. Ол эбэтэр биир кв. м. сыаната – 88 тыһыынча солкуобай кэриҥэ. Быйылгыттан сыанабытын кыратык үрдэттибит, ол эрээри, эбийиэк тутуллан бүтэрэ чугаһаатаҕын аайы оннук буолар. Оттон “Панорама” комплекска былааммытын толорон, атыыны бакаа тохтотон турабыт.

“Прометей” хампаанньа:

— 2%-наах ипотеканан биһиэхэ кыбартыыралар атыыланаллар. Тохсунньу, олунньу ыйдарга олус хамаҕатык барбыттара. Билигин 1-2 хостоохтор бааллар. Холобур, 43 кв. миэтэрэлээх кыбартыыра сыаната – 3 800 000 солкуобай. Ол аата 1 кв.м. сыаната — 90 тыһыынча солкуобай. Быйылгыттан сыанабыт үрдээтэ эрээри, олус улаханнык буолбатах.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи ипотечнай ааҕыныстыба:

— Биһиги Уһук Илиннээҕи ипотеканан үлэлиибит, бырыһыана: 1,8%. Жорницкай уулуссатыгар бэйэбит дьиэ тута сылдьабыт, сотору, кэлэр нэдиэлэттэн атыылаан саҕалыахпыт. Бу дьиэҕэ 1,8%-наах ипотеканан ылыахха сөп. Атын тутааччылар дьиэлэрин атыылаабаппыт.

— Эһиэхэ бырыһыаҥҥыт өссө намыһах эбит дии. Тоҕо?

— Биһиэхэ баан усулуобуйата оннук. 2004 сылтан ааҕыныстыба федеральнай ипотечнай систиэмэ (билигин “Дом.РФ” баан) оператора буолбута. Ону тэҥэ, СӨ бырабыыталыстыбатын уурааҕынан, хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматын олоххо киллэрэргэ боломуочуйаламмыта.

Түмүккэ

Бу балаһыанньаҕа туох түмүгү оҥоруохха сөбүй? Кэнники кэмҥэ Дьокуускайга тутуу күүскэ ыытылынна. Ипотека ыстаапката сыллата түһэн иһэрэ, дьиэ сыаната улаханнык үрдэээбэккэ турбута – бу барыта дьон кирэдьиитинэн да буоллар, дьиэни атыылаһарыгар усулуобуйа оҥорор. 2-3 сыл иһинэн бүтүн микро-оройуоннар дьэндэһэн таҕыстылар: “Прометей”, 203-с.

Куорат киинигэр да элбэх кыбартыыралаах саҥа дьиэлэр тутуллаллар эрээри, билигин сүрүннээн кытыы сирдэргэ тутулла тураллар. “Эскроу-счеттаах” сокуон үлэлээн, тутааччылар дьонтон эрдэ харчы хомуйбакка, бэйэлэрэ үп булан, сир ылан, тутан саҕалыыллара уустугурда. Бу сылларга элбэх кыбартыыра атыыланар буолан, риэлтор ааҕыныстыбата үксээтэ. Кинилэр биир атыыттан 100 тыһыынча солкуобайы хармааннарыгар укталлар. Уһук Илин ипотекатын тутааччылар кинилэр нөҥүө буолбакка, бэ­­йэлэрэ быһаччы атыылыы олороллор. Ол иһин, риэлтордар чэпчэтиилээх кирэдьиити булар кыахтара суох. Биир эмит дьиэ та­­ҕыстаҕына, ол былдьаһык буолар.

Ол эрээри, чэпчэтиилээх кирэдьииттээх  кыбартыыра тутааччыларга баар эбит.

“Сыл аҥаарынан көнүөҕэ”

Туйаара Гаврильева, ХИФУ бэрэпиэссэрэ, экэнэмиичэскэй наука дуоктара:

— Сыана үрдээһинэ ипотека ыстаапката түспүтүттэн эрэ төрүөттээх буолбатах. Манна хас да түгэн дьайыылаах. Бастакытынан, ипотека ыстаапката түһэрэ хас да ый инниттэн биллибитэ. Онон тутааччылар атыыларын тохтотон, күүппүт буолуохтаахтар. Сорох ин­­вестордар эрдэ чэпчэки сыанаҕа атыылаһан баран, билигин ыарахан сыанаҕа батараллар. Ону тэҥэ, били “эс­­кроу-счет” дьайыыта билиннэ: ол олоххо киирдэҕинэ, дьиэ сыаната 10-12 % үрдүүрэ биллэр этэ. Чэпчэтиилээх ипотечнай кирэдьиит былдьаһык буолбута эмиэ дьайда эрээри, сыл аҥаарынан ырыынак балаһыанньата көнүөҕэ дии саныыбын.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

This post was published on 10.03.2020 14:16 14:16