Дойду үрдүнэн саҥа тутуллар дьиэ сыаната балай да түһүөҕэ. Бу туһунан РФ Тутууга миниистирэ Ирек Файзуллин эрэннэрдэ, суруйар Саха сирэ саайт.
«Быйыл саҥа дьиэлэринэн 60% кыбартыыраҕа атыылаһааччы көстүбэтэх. Алтынньы ыйга Москваҕа атыылааччы ааспыт сылтан 46%-нан түспүт, Санкт Петербурга — 51%-нан. Билигин атыыланар кыбартыыра сыаната ортотунан квадратнай миэтэрэтигэр 188 тыһ. солк. буолбут, онуоха атыыламмытынан — 169 тыһ. солк. Ол түмүгэр сыана түһэрэ бириэмэ боппуруоһа», — диир Ирек Файзуллин. Ол туһунан «Известия» суруйар.
Дойду үрдүнэн саҥа тутуллар дьиэ сыаната уонна эргэ дьиэ сыаната араастаһыыта үрдээн иһэрэ биллэр. Киин баан бүгүҥҥү күҥҥэ араастаһыыны 54-57 %-нан бэлиэтээтэ. Төрдүс кыбаартал түмүгүнэн саҥа тутуллар уонна эргэ дьиэ атыытын араастаһыыта 44% буолбут.
This post was published on 02.12.2024 12:01 12:01