Саха тылын тиэрминнэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйатын дьүүллэһиитин кэнниттэн, Бырабыыталыстыба күн бүгүн дьон-сэргэ туттуутугар киирэн эрэр тиэрминнэри бигэргэппит. Ханнык тыллар эбитий?
- Аренда земли — сири түүлээһин
- Гарантийное письмо – мэктиэ сурук
- Гарантия – мэктиэ
- Герб – дьаралык
- Дальний Восток – Уһук Илин
- Задача – сорук
- Инструкция – ыйыы-кэрдии
- Информационное письмо – иһитиннэрии сурук
- Информация – иһитиннэрии
- Иск – ирдэбил
- Истец – ирдэһээччи
- Компенсация – толуйуу
- Концепция – көрүк
- Координатор – сүрүннэччи
- Минимальный размер оплаты труда (МРОТ) – хамнас алын кээмэйэ
- Многофункциональный центр (МФЦ) – элбэх хайысхалаах киин (ЭХК)
- Наставник – уһуйааччы
- Образовательное учреждение – үөрэх кыһата
- Объем (геометр.) – сабардам
- Плащадь (матем.) – иэн
- Предмет – барамай
- Прогноз (метеор.) – билгэ
- Прогноз (финан., эконом.) – сылык
- Сеть – ситим
- Совещание – сүбэ мунньах
- Соглашение – сөбүлэҥ
- Тестирование – тургутук
- Тихий океан – Чуумпу далай
- Уровень – таһым
- Ювелир – көмүс ууһа
- Нагрудный знак — түөскэ анньынар бэлиэ
- Делопроизводство – дьыаланы бэрийии
- Исполнительная власть – ситэриилээх былаас
- Специальная военная операция – анал байыаннай дьайыы.
Людмила Попова, Саха сирэ
This post was published on 12.10.2023 15:16 15:16