РФ Президенэ Владимир Путин алтынньы 2 күнүгэр Донецкай уонна Луганскай норуот өрөспүүбүлүкэлэрин, Запорожскай уонна Херсон уобаластарын Арассыыйа састаабыгар киирэллэрин туһунан федеральнай Конституционнай сокуоннар түөрт бырайыактарын Госдумаҕа киллэрдэ. Госдума алтынньы 3 күнүгэр саҥа территориялар тустарынан сокуон барылын көрүөҕэ, — диэн РИА Новости кэпсиир. Арассыыйа Конституциятыгар уонна сокуонугар сөп түбэһиннэрэн, ыйыллыбыт территориялар саҥа субъектар икки өрөспүүбүлүкэ уонна икки уобалас быһыытынан Арассыыйа састаабыгар киириэхтэрэ.
Госдума спикерэ Вячеслав Володин этэринэн, Аллараа палата бэнидиэнньиккэ, алтынньы 3 күнүгэр сокуон барылын көрүөхтээх. Федерация сэбиэтэ сарсыҥҥы күнүгэр мунньаҕы ыытыан сөп.
Санатан эттэххэ, өрөбүлгэ РФ Конституционнай суута Российскай Федерация састаабыгар саҥа регионнар киириилэрин туһунан бэрэсэдьиэн киллэрбит докумуон бакыатыгар сөбүлэҥин биллэрбитэ.
This post was published on 03.10.2022 12:03 12:03