Үлэтэ суоҕунан бэриллэр босуобуйа 2022 сылга 12 792 солк диэри эбиллиэҕэ. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин илии баттааһыннаах уураах официальнай саайтка таҕыста.
«Российскай Федерация бырабыыталыстыбата уураахтыыр: 2022 сылга үлэтэ суоҕунан бэриллэр босуобуйа саамай намыһах кэрчигин 1 500 солк, үрдээбитэ 12 792 солк кээмэйдэринэн киһи учуокка турбутун бастакы үс ыйыгар, салгыы үс ыйга 5 000 солк бэриллэр», — суруллар докумуоҥҥа.
Уураах тохсунньу 1 күнүн 2022 сылтан олоххо киирэр.
Хаартыска: ТАСС
This post was published on 17.11.2021 11:01 11:01