Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы э.т. Сергей Местников уонна үөрэх миниистирэ Михаил Сивцев cаҥа үөрэх дьыла хайдах саҕаланыан, туох миэрэлэр ылыллыахтарын туһунан СИАҕа кэпсээтилэр.
Дойду үрдүнэн үөрэх дьыла балаҕан ыйын 1 күнүттэн олоҕурбут быһыынан, о.э. оскуолаҕа баран үөрэнэртэн саҕаланыа. Онно бэлэм буолаары уонна үөрэх саҕаламмытын кэннэ ыарыыны хос тарҕаппат туһуттан Роспотребнадзор бары ирдэбиллэрин тутуһарбыт булгуччулаах диир, Сергей Местников.
Саҥа быраабыланан оскуолаҕа маассабай тэрээһиннэр тохтуохтара. Үөрүүлээх бырааһынньыктааҕы линейка кылааһынан эбэтэр кыра бөлөҕүнэн барыахтарын сөп. Үөрэх тэрилтэтигэр сылдьааччы илиитин дезинфекциялыыра, тус гигиенаны тутуһара ирдэниэ. Учууталлар, үөрэнээччилэр сарсыарда аайы кыраадыс кээмэйдээһинин ааһыахтара. Бу сыалтан үөрэх бастакы икки нэдиэлэтигэр оскуолаларга мэдиссиинэ үлэһиттэрэ дьуһуурунайдыахтара. Оскуолалар бары салгыны ыраастыыр, санитарнай тэриллэринэн хааччыллыахтара. Маасканы аһы кытары үлэлиир дьон кэтэрэ булгуччулаах буолуо.
Кылаастары, оскуола атын хосторун эмиэ дезинфекциялыахтара. Үөрэнээччилэр биир кэмҥэ, элбэхтии буолан мустубаттарын туһуттан, үөрэх араас кэмҥэ саҕаланыа: ким эрэ сарсыарда 8ч, ким эрэ 8:30, атыттар 9ч үөрэниэхтэрэ.
Сергей Местников эппитинэн, өрөспүүбүлүкэ 649 оскуолатыттан 87%-на иккис, үһүс симиэнэҕэ көһүүтэ суох үөрэнэр кыахтаахтар. «Хаалбыт 13% элбэх оҕолоох оскуолаларга анаан биэс үөрэх моделын бэлэмнээтибит. Хомойуох иһин, сорох оскуолаларга үстүү симиэнэҕэ көһөн үөрэнэргэ күһэллиэхпит. Сорох биридимиэттэр дистанционно барыахтара», — диэтэ Местников.
Оскуола иһигэр вирус тарҕамматын курдук үөрэнээччилэр да, учууталлар да тус гигиенаны тутуһалларын ситиһиэххэ наада диир, Михаил Сивцев. Ол курдук, малы-салы дезинфекциялыы сылдьалларын, дьонтон тэйиччи тутталларын, мааска кэтэллэрин, илии тутуһан бүтэллэрин олохтуохха наада диир.
Төрөппүттэр оҕолоругар өйдөтөр үлэни ыыталларыгар, бэйэни харыстана дьаһаналларыгар үөрэтэри сүбэлииллэр.
Оҕо саадтара эмиэ Роспотребнадзор ирдэбилин тутуһан аһыллаллара былааннанар. Кырачааннары сарсыарда аайы температураларын кээмэйдиэхтэрэ, уопсай туруктарын көрүөхтэрэ. Оҕолор группаттан тахсыахтара суоҕа, уопсай саалалары хас биирдии дьарык кэннэ кичэйэн ыраастыахтара.
Үрдүк, орто үөрэх кыһаларыгар очнай, очнай-дистанционнай уонна дистанционнай үөрэх көрүҥнэрин туһаныахтара. Бүтэһиктээх быһаарыыны үөрэх тэрилтэтэ баар сиригэр эпидемиологическай туруктан көрөн ылыныахтара.
Сиһилии манна аах https://ysia.ru/shkoly-yakutii-vernutsya-k-traditsionnomu-formatu-obucheniya-no-s-soblyudeniem-novyh-pravil-poseshheniya/