Дьокуускай Марха микрооройуонугар уонна Сунтаар сэлиэнньэтигэр саҥа подстанциялар үлэлэрин саҕалаатылар. Саҥа абоненнар холбонуохтара, суруйар СИА.
«Дьокуускай хотугу өттүн сайыннарыы эрэллээх уонна туруктаах, хаачыстыбалаах электричество уотунан хааччыйыыны ирдиир. Мархаҕа саҥа подстанция «Радиоцентр» уонна «Хатыҥ-Үрэх» ыстаансыйалар ноҕуруускаларын чэпчэтэр», — диэтэ ОДьКХ уонна энергетикэ миниистирэ Вячеслав Емельянов.
Марха подстанцията микрооройуону барытын хабыаҕа, Дьокуускай илин өттүгэр чааһынай дьиэлэри уонна аттынааҕы оройуоннары.
Миниистир өрөспүүбүлүкэҕэ уотунан ититиигэ 13 тыһ абонент холбонон олорорун эттэ. Олортон 40% Сунтаар улууһугар баар. Саҥа киирбит подстанция абоненнары элбэтэр сыаллаах. Бырайыак чааһынай дьону эрэ хаппат, социальнай эбийиэктэргэ эмиэ туһалыыр.