Онкология киинин салалтата саҥа үлэһиттэри талар уонна бэлэмниир. Эбии 600 кэриҥэ үлэһит ирдэнэр, ол иһигэр быраастар, медицина сиэстэрэлэрэ, санитаркалар, инженердэр уонна да атын үлэһиттэр.
Билиҥҥи туругунан Дьокуускай өрөспүүбүлүкэтээҕи онкодиспансерыгар 500-тэн тахса исписэлиис баар. Эбии штат көрүллүбүтүнэн саҥа Онкологическай кииҥҥэ уопсайа 1 103 исписэлиис үлэлиэхтэх.
2022 сылга Дьокуускай өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерыгар 12 эдэр быраас, медицина орто персоналын 14 исписэлииһэ үлэҕэ киирбит. Итиэннэ клиническэй ординатураҕа 26 быраас үөрэнэр.
Источник: НВК «Саха»
This post was published on 20.10.2022 12:29 12:29