Дьокуускайга бэнидиэнньиккэ, балаҕан ыйын 8 күнүгэр, синоптиктар температура кыратык түһэрин сабаҕалыыллар. Түүн +1…+3 тиийэ тымныйар, тулатыгар — 0…-2 кыраадыска диэри. Күннээҕи температура +15…+17 кыраадыс буолуо, диэн УГМС иһитиннэрэр.
Соҕуруу өттүгэр кыра ардах түһүөҕэ. Хоту, хотугулуу-илин ардаҕы, сорох сирдэринэн инчэҕэй хаары сабаҕалыыллар.
Түүн киин оройуоннарга +2…+7 кыраадыс буолара күүтүллэр, арҕаа, хотугулуу-арҕаа -4, хотугулуу — илин -4…-9 кыраадыска диэри тымныы.
Күнүс Саха сирин киинигэр +14…+19, соҕуруу ардахха, хотугулуу-арҕаа, хотугулуу-илин — +9…+14, хоту — +3…+8 кыраадыска диэри буолуоҕа.