А.С.Пушкин аатынан Национальнай библиотекабыт историческай саалатыгар алтынньы 18 күнүгэр Ньурба улууһун Хорулатыттан төрүттээхтэр түмсүүлэрэ «Сэрии сылларын оҕолоро» диэн кинигэни киэҥ эйгэҕэ таһаарар сиэри-туому ыытта.
«Сахабэчээт» тэрилтэ көмөтүнэн тахсыбыт үрдүк хаачыстыбалаах, дьоһун суолталаах кинигэни билиһиннэриигэ Ил Түмэн депутата, Хорула нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Антонина Григорьева, киин куоракка олохсуйбут сэрии сылларын оҕолоро буолар ытык-мааны кырдьаҕастар, ыччаттар кытыннылар.
Кинигэни билиһиннэриини Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Аллайыаха, Ньурба улуустарын, Хорула, Таркаайы нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, өрөспүүбүлүкэ культуратын үлэһиттэрин идэлээх Союзтарын 28 сыл устата үтүө суобастаахтык салайбыт Данил Николаев иилээн-саҕалаан ыытта. Дьоро түгэн номоххо киирбит туруу үлэһит Ньукулай Доҕолооноп ыччата, педагогическай үлэ ветерана Зоя Егорова Тамерлан Иванов тылларыгар уонна мелодиятыгар «Оо, дойдум Хорулам» ырыатынан аһыллан, мустубут дьон сүргэтэ көтөҕүлүннэ.
Сэрии сылларын оҕолоругар аналлаах Саха сиригэр биир бастакынан тахсыбыт бу кинигэ автордара Хорула нэһилиэгин Бочуоттаах олохтоохторо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна Юрий Иванов, Ньурба улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, РФ Суруналыыстарын союһун чилиэнэ Иван Николаев бу кинигэҕэ нэһилиэктэн барыта 147 ахтыыны хомуйан киллэрбиттэр. Саҥа кинигэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ, «Ил Түмэн» издательскай дьиэ генеральнай директора Елена Иванова редакциялааһынынан, бэчээккэ бэлэмнээһининэн таҕыста.
«Хорула нэһилиэгэр сэрии иннинэ 11 колхуос бөдөҥсүйэн, 5 колхуос баар этэ. Былырыын баччаларга биһиги Ион Николаевич Отчутов туһунан кинигэҕэ ол туһунан элбэхтик кэпсэппиппит. Дойдубутугар саамай иэдээннээх сылларга бу 5 колхуоска улахан дьону кытта тэҥҥэ туох баар ыарахаттары тэҥҥэ сүксэн үлэлээбит оонньооботох оҕо саастаах оҕолор, хас биирдиигит өрөспүүбүлүкэбит, улууспут сайдыыларыгар бэйэҕит кылааккытын киллэрбит дьон кэлэн олороҕут. Сэрии сылларын оҕолоругар маннык дьоһун кинигэ өрөспүүбүлүкэҕэ аҕыйах: Чурапчы улууһугар көрбүтүм уонна бу кинигэ буолар. Хас биирдии страницаҕа, строкаҕа төрөөбүт дойдуга таптал, үлэни өрө тутуу, убаастааһын баара ырылхайдык кестер. Онон автордарга уонна маны суруйбут дьоҥҥо махтал буолуохтун!», — диэн Антонина Афанасьевна тыл этиитигэр бэлиэтээн эттэ. Норуот депутата сүҥкэн общественнай, историческай, патриотическай суолталаах кинигэ автордарыгар Юрий Ивановка, Иван Николаевка Ил Түмэн наукаҕа, үөрэхтээһиҥҥэ, культураҕа, сонуннары киэҥник тарҕатар ситимнэргэ уонна общественнай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бочуоттаах грамоталарын үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. Тэрээһин кэмигэр Антонина Григорьеваҕа автордар ааттарыттан Махтал сурук туттарылынна.
Ил Түмэн депутата, «Сэрии сылларын оҕолоро» Бүтүн Россиятааҕы тэрилтэ Саха сиринээҕи салаатын председателэ Иннокентий Васильев: «Сэрии сылларын оҕолорун кинигэ суруйан историяҕа киллэрии улахан суолталаах. Хорула ыччаттара, Ньурба улууһун уонна өрөспүүбүлүкэ дьоно-сэргэтэ билэллэригэр-көрөллөрүгэр анаан бүтүн көлүөнэ ытык-мааны дьонун туһунан астык кинигэ тахсыбытынан тус бэйэм уонна «Сэрии сылларын оҕолоро» общественнай тэрилтэ аатыттан махталбытын тиэрдэбит. Хорулаҕа нэһилиэнньэ этэҥҥэ үчүгэйдик олорорун, ыччаттар дьиэ тутталларын, ханнык да нэһилиэктээҕэр манна элбэх оҕо төрүүрүн бэлиэтии көрөбүн. Онон Хорула өссө сайдыа диэн эрэл баар. Бу кинигэттэн холобур ылан атын нэһилиэктэр сэрии сылларын оҕолорун туһунан суруйан, өйдөбүнньүк гынан үйэтитэн хаалларыыга үлэлиэхтэрэ диэн эрэнэбин”, — диэтэ уонна автордарга «Сэрии сылларын оҕолоро» общественнай тэрилтэ бочуоттаах грамоталарын туттарда.
Юрий Иванов сыл анараа өттүгэр Дьокуускайга Федора уонна Семен Никифоровтар дьиэлэригэр биир дойдулаах ытык кырдьаҕастар баалларына маннык ис хоһоонноох кинигэни таһаарар туһунан санаатын өйөөһүннэриттэн ыла үлэ саҕаламмытын уонна ол үтүө түмүктээх буолбутун кэпсээтэ. Ити кэннэ тэрээһин кыттыылаахтара бу кэм иһигэр олохтон туораабыт кинигэҕэ киирбит геройдары, сэрии сылларын оҕолорун кэриэстээн, саҥата суох иһийэн ыллылар.
Автордар «Сэрии сылларын оҕолоро» кинигэ кэпсиир кырдьыктаах сэһэннэрин үүнэр сүһүөх ыччаттар биһиги көлүөнэттэн истибэтэхтэринэ, кимтэн истиэхтэрэй диэн санаанан салайтаран таһаарбыттара кэрэхсэбиллээх. Иккис өттүнэн, бу кинигэҕэ суруллар көлүөнэ (1928-1945 с.с.) былыргы саха норуота алааһынан, түөлбэнэн тарҕанан сүөһү, сылгы иитэн, бултаан, балыктаан айаҕын ииттэн, саха төрүт аһын аһаан, буор муосталаах көмүлүөк оһохтоох, саах сыбахтаах саха балаҕаныгар кыстаан, мутукча уонна түптэ сытынан дыргыйар сайылыкка сайылаан олорбут урукку укулаатын тыыннаах туоһутунан буолла. Истиҥ-иһирэх тылынан суруллубут ахтыыларга бу кэмнэргэ бүттүүн начаалынай, сэттэ кылаастаах, орто үөрэхтээһин, бастаан артыаллар, онтон колхуостар тэриллэн бөдөҥсүйүү, нэһилиэнньэни, сүөһүнү-аһы кииннээһин ыытыллара ырылыччы көстөр.
Нэһилиэктэн 137 киһи сэриигэ барбытыттан 62 буойун сэрии толоонуттан эргиллибэтэҕэ. Тыылга хаалбыт кырдьаҕастар, оҕо, дьахтар «Барыта — фроҥҥа, барыта — Кыайыы туһугар!» диэн луоһуннаах күүрээннээх үлэҕэ туруммуттара. Сэрии кыһалҕатыгар эбии сут-кураан дьыллар мэҥэстэннэр, от, бурдук кыайан үүммэккэ, аччыктааһын, хоргуйуу да баара. Бу барыта кинигэ геройдарын ахтыыларыгар сиһилии сырдатылынна.
Библиотекаҕа кэлбит ытык кырдьаҕастар оҕо сааспытыттан олох аһыытын-ньулуутун эппитинэн-хааммытынан билбит кэммит, үлэбит-хамнаспыт, олохпут туһунан кэнчээри ыччаттарбытыгар суругунан тиһэн кинигэҕэ чөкөтөн хаалларарбыт — биһиги ытык иэспит диэн иэйэн-куойан туран эттилэр-тыыннылар. Кинилэр оччотооҕу кэми ырылхайдык көрдөрөргө кинигэ иһинээҕитэ бэрт табыгастаахтык түөлбэлэринэн араарыллыбытын улаханнык биһирээтилэр. Кырдьык да Чиллэ, Куоначчаан, Элиптээн, Булааҥкый, Ходьоҥо, Тыымпылыыр, Хочот, Ураһалаах, Акыыда, Анабы, Сайылык уо.д.а. эбэлэр айылҕалара, оччотооҕу дьоно-сэргэтэ, ыччаттара, түптэ, мутукча дыргыл сыта, күүстээх үлэ күргүөмэ – барыта бу баардыы көстөн, тиллэн кэлэр. Дмитрий Федоров, Николай Афанасьев, Николай Николаев уонна да атын тыл этээччилэр бэлиэтээбиттэринэн, Ньурба улууһун дьаһалтата эбии тираж сакаастаан, бары нэһилиэктэр библиотекаларыгар, оскуолаларыгар киэҥник тарҕатарга көмөлөһүөн сөбүгэр санааларын сайа этиннилэр. Өр сылларга нэһилиэккэ учууталлаабыт Надежда Николаева саҥа кинигэ нэһилиэк ити кэминээҕи олоҕун үйэтитэр, историческай, социальнай-экономическай уонна сиэр-майгы өттүнэн иитэр суолтатыгар тохтоон, улууска, нэһилиэккэ оҕо саадыгар, оскуолаҕа күүскэ туһаналларыгар этиитин баар дьон тута өйөөтүлэр.
Бу дьоро түгэҥҥэ түмсүү салайааччытын солбуйааччы, кинигэ автора Юрий Иванов кинигэ күн сирин көрүүтүгэр кылааттарын киллэрбит биир дойдулаахтарыгар Федора уонна Семен Никифоровтарга, «Якутия медиахолдинг» типография үлэһитигэр Сардана Никифороваҕа, редактор Елена Ивановаҕа, «Драгоценности Якутии» тэрилтэ генеральнай директорын солбуйааччы Александр Егоровка, өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх враһыгар Николай Афанасьевка, РСФСР уонна САССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Иван Жараевка уонна да атыттарга түмсүү уонна автордар ааттарыттан Махтал суруктары, сибэкки дьөрбөлөрүн туттартаата. Оттон автордарга уонна редакторга сэрии сылларын оҕолорун ааттарыттан махтал тыллаах өйдөбүнньүк бэлэхтэр уопсай долгуйуу доҕуһуоллах туттарылыннылар.
Кинигэ сүрэхтэниитинэн колкуос чилиэнэ, үйэтин тухары ыччат сүөһүнү төлөһүтүүгэ олоҕун анаабыт үлэ ветерана, бэйэтин кэмигэр Москваҕа бүтүн Россиятааҕы тыа сирин уус-уран самодеятельноһын көрүүгэ бастаан, Кремль дыбарыһыгар түмүктүүр концерт киэргэтиитэ буолбут норуот ырыаһыта, сцена ветерана Евдокия Максимовна Иванова-Хаарылык Дуунньа кэс тылын этэн туран, өссө да чөллөркөй, кэрэ куолаһынан туойан алҕаата, автор Юрий Иванов бииргэ дьарыктанар ансамблын дьонун кытта тус бэйэтинэн үҥкүүлээн киэргэттилэр. Ити курдук библиотека Историческай саалатыгар итии чэйдээх, минньигэс алаадьылаах истиҥ-иһирэх кэпсэтии биһиги олохпут биир историческай, эпохальнай кэрчик кэмнэрин бэрэстэбиитэллэрин – сэрии сылларын оҕолорун — чахчы да геройдуу олохторун тула буолан ааста.
This post was published on 22.10.2016 08:48 08:48