Саҥа дьылы — саҥа дьиэҕэ

Саҥа дьиэни арҕаа халлаан архан тыала хоппотун, эркинигэр илин халлаан ибир сиигэ хоммотун,” — диэн үрдүк айыылартан көрдөһөн, сахалыы сиэринэн Н.М. Заболоцкая дьиэ олохтоохторун, ыҥырыылаах ыалдьыттары арчылаата.

Дьиэни туппут “Якуттеплосеть” ХЭТ генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Г.Д. Алексеев саҥа дьиэ символическай күлүүһүн Чурапчы нэһилиэгин баһылыгар С.А. Саргыдаевка туттарда.

Эҕэрдэ тыллары нэһилиэк баһылыга С.А. Саргыдаев, СР Архитектураҕа уонна тутууга министиэристибэтин отделын салайааччы М.А. Костенко, Чурапчы улууһун баһылыгын тутуу боппуруостарыгар солбуйааччы В.М. Пермяков уонна саҥа дьиэ олохтоохторун ааттарыттан Т.Д. Федорова эттилэр.

This post was published on 21.01.2016 16:42 16:42