Саҥа дьылтан Аллайыахаҕа уонна Чокуурдаахха биир дьаһалта үлэлиэ

Аллайыаха улууһун Чокуурдаах нэһилиэгин дьаһалтатын боломуочуйатын улуус дьаһалтатыгар биэрии түмүктэнэн эрэр. Саҥа дьылтан дьаһалталар холбоһон, биир салалта быһыытынан үлэлэрин саҕалыахтарын туһунан улуус баһылыга Яков Елисеев этэр. Бу туһунан Ulus.media суруйар.


Дьаһалталар холбоһуулара Саха сиригэр холобур буолар бастакы түбэлтэ. Туһааннаах быһаарыыны олохтоох салалта былырыын ылыммыт. «Холбоһуу түмүгэр дьаһалта үлэтэ быдан түргэн уонна таһаарыылаах буолуо», — диир Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба дьаһалтатын олохтоох бэйэни салайыныыга Департамент отделын салайааччыта, Аллайыаха улууһун куратора Николай Захаров.

This post was published on 30.11.2020 17:04 17:04