Саҥа дьыл сандалыта баай, мааны, толору астаах-үөллээх буоллаҕына, үүммүт сыл байылыаттык ааһар дииллэр. Ол иһин хаһаайкалар хаһаастарын таһаараллар, күндүргэтэр астарын атыылаһаллар, күнү быһа тиритэ-хорута астыыллар. Этэргэ дылы, онтон икки-үс күнү быһа “аһаан иһиҥ, аны ас аһыйыа” диэн буолар.
Кэнники кэмҥэ ыал ийэлэрэ олус элбэх аһы астаабакка, сонун, минньигэс бүлүүдэлэри оҥорорго, остуолларын уратытык киэргэтэргэ болҕомтолорун уурар буолан эрэллэр. Саҥа дьыл сандалыта бэйэтэ үгэстэрдээх: хайаан да “оливье”, “саҕынньахтаах селедка” салааттар, сампаан, духуопкаҕа буспут куурусса, тоҥ балык, тоҥ быар, уо.д.а. баар буолуохтаахтар. Ону тэҥэ, саҥа сонун бүлүүдэлэри сыл аайы амсайабыт. Күтэр хаһаанарын, аһыырын сөбүлүүр, онон сандалыбыт баай-талым буолуохтаах.
Иннокентий Тарбаахап, “Тыгын Дархан” эрэстэрээн шеф-повара “Сандалы” бэрэски
Тиэстэтигэр: 300 гр. хойуу, 25% сыалаах сүөгэй, 105 мл. сойбут уу, 2 сымыыт, 5 гр. суода, туус, 1,1 киилэ бурдук. Мэһийэн баран, 15-20 мүнүүтэ ыраас таҥаһынан сабан, “сынньатабыт”. Бу кэмҥэ убаһа этин, хаһатын, эриэппэ луугу бытархай гына кырбыыбыт, биэрэстиибит, туустуубут. Буспут риһи кытары булкуйабыт. Тиэстэттэн кыра төкүнүктэри оҥоробут, тэнитэн баран, ортотугар фаршы ууран, бэрэскилэри ойууга көстөрүн курдук ураты быһыылыыбыт. Үүнээйи арыытыгар ыһаарылыыбыт.
”Дархан” бэлимиэн
Бэлимиэн тиэстэтин оҥоробут: 200 мл. сылаас ууга 1 сымыыты, тууһу, бурдугу булкуйан, кытаанах тиэстэни мэһийэбит. Киилэ аҥаара убаһа эриллибит этин, 200 гр. бытархай гына кырбаммыт луугу, оргуйа турар ууга 1 мүнүүтэ буспут хаппыыстаны (200 гр.) булкуйабыт. Туустуубут, биэрэстиибит, баҕарар буоллахха, күөх луугу, укробу, чесногу кутуохха сөп. Этэ сүмэһиннээх буоларын туһугар, кыратык уу эбэбит. Тута ууга буһарабыт, сүөгэйинэн эбэтэр томат соуһунан тумалыыбыт. Минньигэстик аhааҥ!
Ольга Птицына, фудблогер
Хартыыһалаах, сүөгэйдээх ойоҕос
1 киилэ убаһа ойоҕоһо; ыстакаан аҥаара сүөгэй; 4 ост. нь. хартыыһа; туус, биэрэс. Эти сууйан баран, үчүгэйдик куурдабыт. Туустуубут, биэрэстиибит. Сүөгэйи уонна хартыыһаны булкуйан баран, эти хойуутук сотобут. 15 мүнүүтэ туруора түһэбит. Духуопканы 200 кыраадыска диэри ититэн баран, убаһа этин ордубут туманан сотобут, 30 мүнүүтэ буһарабыт. Итиилии хортуоппуйу, оҕуруот аһыттан салааты кытта сиир үчүгэй. Сойбутун да кэннэ амтанын сүтэрбэт.
Наталья Оконешникова, фудблогер, фотограф
Мүөттээх, хартыыһалаах куурусса Куурусса – 2 киилэ кэриҥэ; 2 ост. нь. мүөт; 50 мл. соевай соус; 1,5 ч. нь. туус; 1-2 ч. нь. хартыыһа; 2 өлүүскэ чеснок; 1 дьаабылыка; 1 ч. нь. прованскай от приправата (кутумуохха сөп); Буспут хортуоппуй, оҕуруот аһа, сыыр, ынах арыыта. Кууруссаны сууйан баран, кууруор диэри сотобут. Түөһүн тириитин этиттэн сэрэнэн арааран баран, этигэр маринада иҥэрин туһугар биилкэнэн дьөлүтэ анньабыт. Маринадка: соевай соуһу, мүөтү, хартыыһаны, приправаны, ньыһыллыбыт чесногу, тууһу кутан булкуйабыт. Маринады тириитин иһинэн да, таһынан да хойуутук сотобут. Салаппаанынан бүрүйэн баран, 2 чаас туруорабыт, бу кэмҥэ эргитэн биэриэххэ сөп. Кууруссаны анал керамика иһиккэ ууран баран, иһигэр быһыллыбыт дьаабылыканы угабыт, атаҕын быанан баайабыт, эмиэ маринадынан сотобут. Фольганан сабан баран, хас да сиринэн дьөлөҕөстөрү оҥоробут. 180 кыраадыска диэри итийбит духуопка алларааҥы лииһигэр угабыт. Биир чаас ааспытын кэннэ, фольгатын ылан баран, маринадынан, бэйэтин сүмэһининэн эмиэ биһэбит. Кууруссаны тула иһитигэр кыра хортуоппуйу, помидордары, брокколи хаппыыстаны уурталыыбыт. Хортуоппуй быыһыгар сыыры кыбытан баран, ууллубут арыынан кутуохха сөп. Куурусса атаҕа хоруорбатын туһуттан, фольганан сабыахха сөп. 40-50 мүнүүтэ өссө буһарабыт, кэмиттэн кэмигэр арыйан, сүмэһининэн, маринадынан сотобут. Саһарчы буспут, килэбэчигэс, хачыгырас тириилээх куурусса остуолгутун киэргэтиэ!
Салааттар
“Үрүҥ саҕынньахтаах салаат”
Бу салаат “Мимозаҕа” маарынныыр. Тунец, сайра кэнсиэрбэлэрин туһаныахха сөп. Баҕарар буоллахха, буспут хортуоппуйу эбиэххэ сөп. 1 балык кэнсиэрбэтэ; 100 гр. кытаанах сыыр; 4 буспут сымыыт; 1 луук; 1 буспут моркуоп, майонез, укроп. Моркуобу, сыыры бөдөҥ терканан аалабыт. Сымыыт уоһаҕын уонна маҥанын тус-туспа теркалыыбыт. Кэнсиэрбэни биилкэнэн илдьиритэбит, луугу кыра гына кырбастыыбыт. Бүлүүдэ түгэҕэр балыгы, онтон сымыыт маҥанын, луугу, сыыры, сымыыт уоһаҕын араҥалаан уурабыт. Хас биирдии араҥаны майонеһынан сотобут. Салааты элбэтиэҕи баҕардахха, балыктан саҕалаан, бары араҥаларын хос ууруохха сөп. Бүтэһик араҥаҕа майонеһынан сиэккэ курдугу оҥоробут уонна укробунан, петрушканан киэргэтэбит. Холодильникка хас да чаас тура түһүөн наада.
“Харыйа” салаат
250 гр. буспут хортуоппуй; 200 гр. тууһаммыт оҕурсу; 170-200 гр. буспут куурусса этэ; 3 буспут сымыыт; 50 гр. кыһыл луук; майонез. Киэргэтэргэ анаан: Кыра гранат аҥаара; Буспут моркуоп, укроп. Хортуоппуйу, сымыыты бөдөҥ терканан аалабыт, оҕурсуну, луугу кыра гына кырбастыыбыт. Куурусса этин быһыта тыытыахха, эбэтэр кырбастыахха сөп. Нэлэгэр тэриэлкэ ортотугар ыстакааны уурабыт, ол тула араҥанан хортуоппуйу, куурусса этин, оҕурсуну, луугу, сымыыты уурталыыбыт. Хас биирдии араҥаны майонеһынан сотобут. Бу кэнниттэн ыстакааны сэрэнэн ылабыт уонна киэргэтэн барабыт. Укробу харыйа лабаатын курдук уурталыыбыт. Моркуоптан сулустары быһан, гранаты кытары харыйаны киэргэтэр курдук, уурабыт.
Креветкэлээх “Цезарь”
Бу салаат оҥоһуллара олус судургу. Уратыта диэн, куурусса оннугар креветкэни туһанабыт. 200-300 гр. креветкэ; 100 гр. күөх салаат; 100 гр. кытаанах сыыр; Килиэп үс гыммыт биирэ; 2-3 сымыыт; оливковай арыы – ыстакаан аҥаара; Минньигэс хартыыһа – 1 ч. нь. Лимон аҥаара, чеснок өлүүскэтэ, туус. Килиэби кырбастаан баран, духуопкаҕа хатарабыт. Креветкэни, сымыыты тус-туспа ууга буһарабыт. Сыыры теркалыыбыт, салааты быһыта тыытыахха сөп. Соус оҥоробут: 1 сиикэй сымыыт уоһаҕын араарабыт. Хартыыһаны, лимон сүмэһинин, чеснок ыгыллыбыт өлүүскэтин, тууһу кутан булкуйабыт. Сымыыт уоһаҕын кытта ытыйабыт, онтон тохтообокко эрэ, оливковай арыыны кыралаан кутабыт. Салааты, суухараны, сымыыты соуһу кытары булкуйабыт, үрдүгэр креветкэлэри уурталыыбыт, теркаламмыт сыыры табыгынатабыт. Кыра помидор өлүүскэлэринэн киэргэтиэххэ сөп.
Хайдах киэргэтиэххэ?
Быйыл Күтэр сыла буоларынан, буспут сымыыттан кутуйахтары оҥорон, салааттар үрдүлэригэр, эбэтэр туспа тэриэлкэҕэ ууруохха сөп. Кулгаахтарын редискэттэн, харахтарын гвоздика тоорохойдоруттан оҥороҕут. Кутуйах саамай сөбүлүүр аһа – сыыр, онон туспа тэриэлкэҕэ сыыр арааһын киэргэтэн ууруҥ. Бүтүн бурдугу, куруппаны кыра иһиккэ кутан ууруохха сөп. Саҥа дьыллааҕы сандалыны чүмэчилэр, харыйа лабаатыттан веноктар, салфеткалар, оонньуурдар, гирляндалар, уо.д.а. киэргэтэллэр. Биир-икки дьүөрэлэһэр өҥнөөх буоллаҕына, өссө ордук.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
This post was published on 28.12.2019 16:31 16:31