Саҥа дьыллааҕы өрөбүллэр: 2023 сыл тохсунньутугар хайдах сынньанабыт

2023 сыл тохсунньутугар Саҥа дьыллааҕы каникул тохсунньу 1 — 8 күннэригэр буолаллар.

Ахсынньы 31 күнэ – субуота уонна үлэ күнэ буолбатах, онон Саҥа дьыллааҕы өрөбүл тоҕус күҥҥэ диэри уһуур.

Үлэ министиэристибэтигэр иһитиннэрбиттэринэн, үлэ күнэ буолбатах бырааһынньык күҥҥэ түбэспит өрөбүллэр 2023 сыл тохсунньу 1 күнэ (баскыһыанньа) олунньу 24 күнүгэр (бээтинсэ) уонна тохсунньу 8 күнэ (баскыһыанньа) ыам ыйын 8 күнүгэр (бэнидиэнньик) көһөр.

Кэлэр уһун каникуллар олунньуга буолуохтара, манна Аҕа дойдуну көмүскээччилэр бырааһынньыктарыгар 4 күн сынньаныахпыт.

This post was published on 27.12.2022 17:01 17:01