2025 сылга Россияҕа саҥа дьыллааҕы остуол 13,5% эбилиннэ уонна ортотунан 9140 солк буолла диэн ЕМИСС чинчийиитэ эттэ.
Саамай сыана таҕыста икраҕа (+34%), хортуоппуйга (+65%) уонна ынах арыытыгар (+31%). Оттон кууруссаҕа сыана 7% түстэ.
Холобурга бүлүүдэлэринэн ылан көрдөххө:
- кууруссалаах хортуоппуй — 471 солк;
- оҕуруот аһын быһан ууруу — 436 солк;
- икралаах бутерброд — 2326 солк, оттон шпроттаах — 258 солк;
- эт уонна сыр тэриэлкэтэ — 1139 солк;
- оливье — 553 солк, саҕынньахтаах селедка — 261 солк;
- фрукта — 995 солк;
- торт — 628 солк;
- шампанскай — 385 солк, вино — 458 соле, коньяк — 733 солк.
Санаттахха, былырыын остуол 8050 солк этэ.
This post was published on 02.12.2024 15:07 15:07