Саҥа дьыл чугаһаан, үгүс төрөппүт оҕотугар маскараат көрдүүр түбүгэр түстэ. Быйылгы сылга төһө суумаҕа маскарааты булуохха сөбүн билээри, СИА кэрэспэдьиэнэ Дьокуускай куорат маҕаһыыннарын уонна ырыынагын кэрийдэ.
Үүнэр сыл илиҥҥи халандаарынан куобах/куоска бэлиэлээх буоларынан сибээстээн, бу маскарааты дьон ордук элбэхтэ ыйыталаһар диэн ырыынак үлэһиттэрэ кэпсээтилэр.
«Столичнай» ырыынакка куобах толору маскараатын 1000-1500 солкуобайга булуохха син. Оттон куорат киинигэр баар маҕаһыыннарга маскараат сыаната 1500-2000 солк диэри турар. Сорох маҕаһыыҥҥа бэргэһэ маасканы 500 солк булуохха сөп.
Тымныы Моруос оҕонньор көстүүмэ ырыынакка 2000-2500 солкуобайга турар буоллаҕына, маҕаһыыҥҥа 3500-4800 солкуобайга тиийэ барар. Көстүүмнэр улахан уратылара суох курдуктар.
Дьокуускайга маскарааты харчыга уларсар тэрилтэлэр бааллар. Сыаната эмиэ сир аайы атын-атын. Ортотунан 1000-1500 солкуобайга ааҕыныахха сөп.
“Биһиэхэ дьыссааппытыгар оҕолор маскарааттарын эрдэ соҕус үллэрбиттэрэ буоллар, мин интэрниэтинэн сакаастыам эбитэ буолуо. Баҕар бырааһынньыкпытын баттаһа кэлиэ суоҕа диэн, дьонтон атыыластым. Холобура, биһиэхэ гномик маскараата наада этэ, маҕаһыыҥҥа бу көстүүм 1800-2500 солк суумаҕа, ырыынакка 1500-кэ солк турар, мин буоллар “илииттэн” 500 солкуобайга ыллым. Оҕо аҕыйах мүнүүтэ кэтэригэр барсар дии саныыбын”, — диэн эдэр ийэ Наталья эттэ.
«Столичнай» ырыынагар маскараат арааһа ыһылла сытар, хас даҕаны сиринэн атыыланар уонна сир аайы сыаната тус-туһунан буолар. Холобур “принц” көстүүмэ биир сиргэ 2800, атын сиргэ 2500, сорох сиргэ 2000 солкуобайга турар, уонна бу сыанаттан өссө түһэрсэн көрүөххэ сөп.
Быйыл дьон ордук Арассыыйа дьоруойдарын көрдүүллэр диэн атыыһыттар бэлиэтииллэр. Холобур, былырыын дьон наар “Эльза”, “Человек-паук”, “Халк” онтон да атын мультиктар дьоруойдарын көрдүүр эбит буоллахтарына, быйыл “Три богатыря”, “Царевна-лягушка”, “Емеля-дурачок”, “Теремок” эҥин курдук нуучча остуоруйаларынан көрдүүллэр.
“Быйыл нуучча остуоруйалара уонна куобах маскараата былааһы ылла эрээри, дьиэтээҥи бырааһынньыктарга төрөппүт син-биир оҕотун сөбүлүүр дьоруойдарын ылар. Остуоруйа бары дьоруойдара суоҕа чахчы, маныаха төрөппүттэр майгынныыр көстүүмү атыылаһан баран, кыратык уларытан-тэлэритэн биэрээччилэр”, — диэн ырыынак атыыһыта кэпсиир (аатын этиэн баҕарбат).
Иистэнньэҥ төрөппүттэр маскарааты бэйэлэрэ тигиэхтэрин сөп, маныаха маскараат ураты уонна тупсаҕай буолара чахчы. Матырыйаал сир аайы араас сыанаҕа турар. Ол быыһыгар дьиэҕэ баар эргэ-урба да таҥаһы, олус тупсаҕайдык, уларытан-тэлэритэн тигэр төрөппүттэр эмиэ бааллар. Оттон иистэнньэҥ өҥөтө ортотунан 1500 солкуобайтан саҕаланар, манна таҥаһын, тимэҕин киэргэлин сыаната эбиллэр.
This post was published on 12.12.2022 15:01 15:01