Ахсынньы 15 күнүттэн рестораннар уонна аһыыыр сирдэр киэһэ 11 чааска диэри үлэлиэхтэрэ. Предпринимательство миниистирин бастакы солбуйааччыта Максим Карбушев социальнай ситимнэринэн Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктар кэмнэригэр киирэр хааччахтааһыннар тустарынан кэпсээтэ, СИА суруйар.
«Саха сирин баһылыгын ыйааҕынан маҕаһыыннар ахсынньы 31 күнүгэр 12 чаастан итэҕэһэ суох үлэлииллэригэр этиллэр. Ити эрээри предпринимателлэр бэйэлэрин быһаарыылара инники күөҥҥэ тутуллар. Бу элбэх киһини биир сиргэ муспат туһугар ылыллар дьаһал буолар.
Маны сэргэ аһыыр сирдэргэ хааччахтааһын миэрэлэрэ киирдилэр. Ахсынньы 15 — тохсунньу 15 күннэригэр рестораннар уонна аһыыр сирдэр сарсыарда 8 чаастан киэһэ 11 чааска диэри үлэлииллэр. Эрдэ бу тэрилтэлэр түүннэри үлэлиир кыахтаахтара. Бу быһаарыы дьон коронавирус дьаҥыгар хаптарбатыгар ананан ылылынна», — диэтэ Максим Карбушев.
This post was published on 02.12.2020 16:01 16:01