Саҥа дьыл бырааһынньыктарыгар хамнас икки бүк ааҕыллыа

Хаартыска: ЯСИА саайта

Тохсунньу 1-8 күннэригэр диэри хас чаас ахсын үлэ кээмэйэ икки бүк хос ааҕыллан төлөнүөхтээх. Бу туһунан РИА Новости Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата Сергей Гаврилов (РФКП) иһитиннэрдэ.

Сергей Гаврилов тохсунньутааҕы бырааһынньыктарга үлэ төлөбүрүн туһунан үлэһиттэр да, үлэ биэрээччилэр да ортолоругар элбэх ыйытык үөскэтэрин бэлиэтээтэ. Кини этэринэн, Үлэ Кодексатынан бырааһынньыктааҕы күннэринэн 1, 2, 3, 4, 5, 6, 7 уонна 8 чыыһылалар ааҕыллаллар. Бу күннэргэ үлэ-хамнас ханнык да тиһигиттэн тутулуга суох, үрдүк кээмэйинэн төлөнүөхтээх диэн Гаврилов эбэн эттэ. Ону тэҥэ үлэһит ыйыллыбыт күннэргэ үлэҕэ таҕыстаҕына, хас биирдии чааһыгар икки бүк төлөбүр ананарын чуолкайдаата.

Маны таһынан үлэһит уоппускаҕа эбии сынньаныан баҕарар буоллаҕына, үлэ биэрээччини кытта дуогабар түһэрсиэн сөп. Маннык түгэҥҥэ бырааһынньык күн хамнас урукку кээмэйинэн төлөнөр, оттон эбии бэриллибит сынньалаҥ күнэ төлөммөт буолар. Үлэ биэрээччи бырааһынньык үлэтин төлөбүрүн эбэһээтэлистибэлэрин толорортон аккаастанар буоллаҕына, үлэһит судаарыстыбаннай инспекцияҕа эбэтэр борокуратуураҕа этинэр бырааптааҕын бэлиэтээтэ.

This post was published on 11.12.2024 13:03 13:03