Бастакы ыарыһахтар эмтэнэ өрөспүүбүлүкэ киинигэр саҥа арыллыбыт Сүрэх-тымыр киинигэр киирдилэр, суруйар Якутия24.
Киин арыллыаҕыттан алта операция оҥоһулунна.
Билигин кардиология отделениетын үлэтэ силигин ситтэ. Сүрүн соругунан ыарыһах ыксаллаах балаһыанньаҕа киирдэҕинэ медицинскай көмөнү оҥорууну киллэрии буолар.
Тымыр отделениета суһал коронарнай синдромнаахтары ылыыны ыам ыйыгар былааннаабыттара, оттон бэс ыйыгар иккис түһүмэҕин киллэриэхтэрэ.
Хаартыскаҕа: Петр Захаров, кардиохирургия отделениетын сэбиэдиссэйэ
This post was published on 06.05.2022 17:01 17:01