Саҥа 2020 сылга бастакы быыбар түмүктэннэ. “Биир ньыгыл Россия” баартыйа кыайда

Кулун тутар 1 күнүгэр Мииринэй улууһун “Ботуобуйа нэһилиэгэ” МТ олохтоох Сэбиэтин депуттарын талыы буолбута.


Урут олохтоох Сэбиэккэ сэттэ эрэ депутат мандаата баара. Ол онтон боломуочуйаларын болдьоҕо ааһа илигинэ үс депутат сайабылыанньа суруйан тахсан барбыта. Былырыын кворум туолбат туруга суоһаабытынан, суут депутаттар олохтоох мунньахтарын ыһарга уураахтаабыта. Сыл кэриҥэ нэһилиэк депутаттара суох олорбута, уонна, дьэ, болдьох иннинээҕи быыбар саҥа ыытылынна.

Бу сырыыга мандаат ахсаана биллэ элбээбит – 15. Быыбарга 32 кандидат турбут. Кинилэртэн 12 киһи “Биир ньыгыл Россия” баартыйаттан, 3 кандидат – КПРФ, 17 кандидат – бэйэтэ туруоруммут.

Таас-Үрэх сэлиэнньэтигэр 422 куоластааччы баар. Онтон суоттаан таһаардахха, биир кандидатка 13 куоластааччы буолар.

«Бу кэмнэргэ нэһилиэк бүттүүнэ быыбарынан тыынан олорбута. Олохтоохтор олус көхтөөхтүк бэйэлэрин кандидатураларын туруоруммуттара. Хас биирдиилэрэ улахан эппиэтинэһи сүгэрин, нэһилиэк социальнай-экономическэй сайдыытын туһугар үлэлиэм диэн чахчы өйдөөн туран кыттыыны ылбыта. Мандаат ахсаанын улаатыннарбыппыт – сөптөөх быһаарыныы, баҕалаах дьон олус элбэх, уонна нэһилиэкпит сайдыытыгар туруорсуулар күүһүрүөхтэригэр эрэнэбин. Таас-Үрэх олохтоохторо быыбарга олус көхтөөх кыттыыны ылбыттарын иһин махталбын биллэрэрбин. Уопсайа 60,43% киһи куоластааһыҥҥа кыттыбыта«, — диэн “Ботуобуйа нэһилиэгэ” МТ баһылыга Зоя Данилова  иһитиннэрбитэ.

Быыбар түмүгүнэн “Биир ньыгыл Россия” баартыйаттан 8 кандидат кыайбыта, онтон хаалбыт 7 мандааты бэйэтэ туруоруммут кандидаттар ылбыттара.

“Бу сылга бастакы быыбар биһиги баартыйаҕа үчүгэй көрдөрүүлээх буолла. “Биир ньыгыл Россия» баартыйаттан турбут дьон кыайыылаах тахсыбыттара элбэҕи этэр – бу аата Таас-Үрэххэ биһиги баартыйабыт аптарытыата сүҥкэн эбит. Мииринэйдээҕи олохтоох отделениебытыгар быыбар хампаанньатын бэркэ тэрийбиттэрин иһин махталбын тиэрдэбин”, – диэн Владимир Аммосов, “Биир ньыгыл Россия” баартыйа Саха Сиринээҕи отделениятын толорор кэмитиэт салайааччыта, санаатын үллэстибитэ.

This post was published on 04.03.2020 16:10 16:10