Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын Дьиэтэ, Саха өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин Киинэ уонна «Ийэ тыл» көҥүл түмсүү тэрийиилэринэн төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр аналлаах Дьоро күн бэрт тэрээһиннээхтик олунньу 13 күнүгэр буолан ааста. Саха суругун-бичигин төрүттээбит, сахаттан бастакы тыл үөрэхтээҕэ Сэмэн Андреевич Новгородов үтүө аата дорҕоонноохтук ааттанна.
Дьоро киэһэҕэ айар тыл аҕалара, улуу суруйааччыларбыт, ытык дьоммут этэн хаалларбыт кэс тылларын иһиттибит, олоҥхо эйгэтигэр киирэн ыллыбыт, элбэх дьон-сэргэ түмсэн, тумус туттар дьоммут кэскиллээх этиилэрин иһиттибит.
«Сахалыы үөрэх – омукпут кэскилэ» төгүрүк остуол ыытылынна. Үөрэх эйгэтин үлэһиттэрэ, общественность саха тыла туттуллар эйгэтин кэҥэтиигэ, сайыннарыыга элбэх киһи санааларын эттилэр.
Саха өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Г.Г. Федорова салалтатынан ыалдьыттары арчылааһын сиэрэ туома ыытылынна. «Кыл саха» саха төрүт дорҕоонун бөлөҕө бырааһынньыкка кэлбит дьону кырыымпаҕа оонньоон көрүстэ. Саха өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин Киинин салайааччыта А.Е. Захарова салалтатынан баай ис хоһоонноох «Төрөөбүт тыл» быыстапката тэрилиннэ. С.А. Новгородов аатынан «Бичик» национальнай кинигэ кыһатыттан суруйааччылары илдьэ кэлэн, автографтатан, кинигэ атыытын тэрийдилэр. Мраморнай залга оһуохай дуорайда. Улахан залга Чурапчы улууһуттан бастыҥ олоҥхону толорооччу Николай Никитич Григорьев «Буура Дохсун» олоҥхоттон быһа тардан толорон, дьон сэҥээриитин ылла. Спорт национальнай көрүҥнэрин Кииниттэн Надежда Николаевна кэлэн, элбэх киһини үмүрү тардан, хаамыскаҕа, хабылыкка маастар-кылаас ыыппыта туһалаах буолла.
Дьоро күн үөрүүлээх арыллыыта үс түһүмэҕинэн улахан саалаҕа ыытылынна.
Е.П. Жирков Гаврил Гаврильевич Филипповка «Ийэ тыл» көҥүл түмсүү Ытык Бэлиэтин уонна Нина Моисеевна Герасимоваҕа Махтал Сурук, сибэкки дьөрбөтүн туттарда.
Бастакы түһүмэххэ быйылгы сылга үбүлүөйдээх сахаттан бастакы тыл үөрэхтээҕэ учуонай, политическай деятель П.А. Ойуунускай, талааннаах романист-суруйааччы В.С. Яковлев-Далан уонна биллиилээх топонимист-чинчийээччи М.С. Иванов-Багдарыын Сүлбэ ааттара дьоһуннаахтык бэлиэтэннэ.
Тарас Лукич Тарасов-Тускул, Гаврил Гаврильевич Филиппов, Иван Егорович Алексеев-Хомус саха тылын сайыннарыыга ыллыктаах тылларын эттилэр.
Саха тылын туһугар туруулаһан үлэлээбит ытык киһибит Тамара Ивановна Петрова видеонан экраҥҥа мустубут дьоҥҥо туһаайан эҕэрдэтин тириэртэ.
Таатта улууһуттан «Дьолуо» бөлөх «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоттон тэттик кэрчиги быһа тардан толордо. Култуура уонна искусство колледжа П.А. Ойуунускай айымньыларынан композиция туруорда. Олоҥхо театрын артыыһа Иванида Бугулова, Саха театрын артыыһа Татьяна Легантьева Иванов М.-Чуона Мэхээлэ тыл. «Туой хайа ахтылҕана» композиция көрдөрдүлэр. Багдарыын Сүлбэ үөрэнээччитэ, сүгүрүйээччитэ, Саха өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ С.П. Григорьев толоруутугар П.Ойуунускай тыл. «Доҕорбор Сүөкүччэҕэ» ырыа ылланна. Бүлүү педагогическай коллеһыттан пед.наука кандидата, Саха өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала, Багдарыын Сүлбэ үөрэнээччитэ Ульяна Кондакова кыттыыны ылла. «Айылгы» фольклор народнай коллектива норуот ырыаларын толорон иһитиннэрдэ.
Иккис түһүмэххэ Саха Республикатын Ил Түмэнин председателэ Александр Николаевич Жирков төрөөбүт тыл күнүнэн эҕэрдэлээтэ уонна саха тылын сайыннарыы боппуруоһугар ыллыктаах санааларын тириэртэ.
Саха Республикатын Правительствотын председателин солбуйааччы Михаил Дмитриевич Гуляев презентациялаах Саха өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын тылларын сайдыытын туһунан киэҥ ис хоһоонноох дакылааты оҥордо. Салгыы кэнчээри ыччаты уһуйар-такайар идэлээх иитэр-үөрэтэр кыһа аатыттан: Чиряев Александр Константинович, Сивцев Василий Николаевич, Афонскай Аркадий Дмитриевич үөрэх эйгэтигэр саха тылын киллэриигэ бэйэлэрин санааларын эттилэр.
Эдэр поэттар Ньургун Захаров-Ылгын Чыҥыйа, Айаал Молокотин, Рустам Каженкин-Арчы Уола бэйэлэрин хоһоонноруттан ааҕан иһитиннэрдилэр. Медицина билимин кандидата, тыл магистра, Саха Бикиппиэдьийэ төрүттээччитэ Николай Павлов-Халан санаатын эттэ.
Кыттыыны ыллылар: Саха өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Анатолий Бурнашев, «Эрэл» үҥкүү народнай театрын оҕо бөлөҕө, Таатта улууһун «Өрөгөй» эр дьон вокальнай ансаамбыллара, уһуйаан иитиллээччилэрэ, Саха өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Александра Алексеева-Кулуһун.
Салгыы Сэмэн Новгородов эппит тылларын олохторун соруга оҥостон сылдьар уопсастыбанньык дьонноох-сэргэлээх, хоһуун ыччат дьонноох буоламмыт, сахалар кэскилбит киэҥ, тускубут уһун диэн билэбит.
Үһүс түһүмэх уопсастыбаннай түмсүүлэргэ ананна. Өрөспүүбүлүкэҕэ норуот сомоҕо санаатын түмэр, сахалыы үөрэҕи туруулаһар элбэх түмсүүлэр салайааччыларын сценаҕа таһааран дьоҥҥо билиһиннэрдилэр.
Ил Түмэн дьокутааттара: Иван Шамаев, Егор Жирков уонна Михаил Санников мустубут дьоҥҥо анаан санааларын эттилэр. Салгыы «Айылгы» түмсүүттэн Вилюяна Никитина, «Сомоҕо күүс» түмсүүттэн Сулустаана Мыраан уонна «Кут-Сүр» кыһаттан Анатолий Павлов-Дабыл санааларын эттилэр.
Тыл күнүн көрсө «Күрүлгэн» альманах кэпсээн айарга ыыппыт күөн күрэһин түмүгүн Саха Республикатын суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Наталья Михалева-Сайа иһитиннэрдэ.
Ырыаларын-тойуктарын бэлэхтээтилэр: С.Ф. Гоголев аатынан Дьокуускайдааҕы педагогическай колледж «Олоҥхо тойуга» фольклорнай ансаамбыла (сал Л.М. Егорова), Государственнай филармония артыыһа Рустам Слепцов, Мэҥэ Хаҥаластан «Төлөн» эр дьон народнай ансаамбыллара.
Дьоро киэһэ оһуокайынан түмүктэннэ. Үҥкүү тылын Дархан этээччи Сэмэн Черноградскай эттэ.
Төрөөбүт тыл Дьоро күнүгэр кэлбит дьон санааларын этиэхтэрин баҕалара күүһүттэн тэрээһиммит бириэмэтэ төһө да уһаатар, дьон санаалара көтөҕүллэн, үөрэн-көтөн, дэлэҕэ даҕаны «кыһыҥҥы ыһыах буолла» диэн астынан тарҕастылар.
This post was published on 17.02.2018 18:52 18:52