2022 сылга регион бырагырааматынан 1000 гектар бааһына уонна ходуһа чөлүгэр түһэрилиннэ, онон сүөһү сиир эбии аһын бэлэмин иэнэ улаатта, суруйар тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ.
Маны сэргэ бу бырагырааманан 108 техника, 2,5 тыһ туонна сиэмэ ылылынна, 286 км күрүө-хаһаа, 8 от уурар сир уонна 4 сиилэс оҥорор траншея тутулунна.
Сүөһү сиир отун оҥорууга барыта улуустарга 235,4 мөл солк көрүлүннэ. Алдан, Амма, Үөһээ Бүлүү, Дьааҥы, Бүлүү, Горнай, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Нам, Ньурба, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Хаҥалас, Чурапчы уонна Дьокуускай бырагыраамаҕа кытыннылар.
2022 сылга 39 638 туонна сиилэһи уонна сенаһы оҥорор былаан туруоруллубут буоллаҕына, 45 489 туонна бэлэмнэннэ.
Биэс сылга сүөһү сиир эбии аһын бэлэмнээһиҥҥэ барыта 1 млрд 257 мөл 600 тыһ солк көрүлүннэ. Манна 38 сиилэс траншеята тутулунна, оҥорор кыаҕа 11 400 туонна, 2 400 км күрүө-хаһаа оҥоһулунна, 10 тыһ гектар быраҕыллыбыт бааһына чөлүгэр түһэрилиннэ, 622 техника уонна оборудование ылылынна.
This post was published on 26.01.2023 10:33 10:33