Үс саастаах оҕолоох ыаллар эбии төлөбүргэ сайаапкаларын биэриилэрэ саҕаланна

Владимир Путин ийэ хапытаалын ылбыт эбэтэр ылыахтаах оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ үс ый устата 5 000 солк эбии төлүүр туһунан Ыйаах таһаарда. Бүгүҥҥүттэн сайаапкалары биэрии саҕаланна.


Үс саастаах оҕолоох ыаллар сайаапкаларын Пенсионнай пуонда саайтыгар ыыталаан эрэллэр. Ол эбэтэр http://www.pfrf.ru/ тус кэбиниэккэр киирэн, аллараа «Ийэ хапытаала» диэн пуунугар сайаапканы хааллараҕын.

5 000 солк — ыал үс сааһыгар диэри саастаах оҕотугар эбии төлөнөр харчы. Үс ый устата ылар.

Сайаапканы алтынньы 1 күнүгэр диэри тутуохтара.

This post was published on 09.04.2020 18:12 18:12