“Сүүс сыллаах улуу былаан” кэнниттэн санаалар

Өрөспүүбүлүкэтээҕи медиа-кииҥҥэ Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 125 сылыгар анаан “Сүүс сыллаах улуу былаан” кэнниттэн XXI үйэҕэ көрүүлэр» диэн «төгүрүк остуол» ыытылынна. 


«Сүүс сыллаах улуу былаан» сүүс сыл анараа өттүгэр, 1917 сыллаахха суруллубута. «Төгүрүк остуол» кыттыылаахтара улуу айымньыны ырыттылар уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин инники кэскилин туһунан кэпсэттилэр. Тэрээһиҥҥэ араас министиэристибэлэр бэрэстэбиитэллэрэ, биллиилээх суруйааччылар, суруналыыстар, учуонайдар кыттыыны ыллылар.

This post was published on 27.03.2018 09:09 09:09