Доруобуйа харыстабылын, тутуу министиэристибэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ, судаарыстыбаннай сакаас сулууспатын үлэһиттэрэ бү күннэргэ өрөспүүбүлүкэтээҕи онкологическай диспансер уонна кардиологическай киин тутууларын көрдүлэр. Үлэ икки эбийиэгинэн күүскэ, былаан быһыытынан баран иһэрин доруобуйа харыстабылын пресс-сулууспатыгар сигэнэн СИА иһитиннэрэр.
Бастакынан бөлөх кардиологическай кииҥҥэ сырытта. Билиҥҥитэ үлэ кэминэн баран иһэр. Дьиэ холлоҕоһо бүтэн, тас үлэтэ бара турар. Ититэр, сылытар систиэмэлэри таҥыы, уу, канализация ситимнэрин тарда сылдьаллар, диэн доруобуйа харыстабылын миниистирэ Елена Борисова кэпсээтэ.
Санатар буоллахха, өрөспүүбүлүкэтээҕи кардиологическай киин иккис уочарата (150 миэстэлээх кардиососудистай киин) тутуута 2019 с. саҕаламмыта. Эбийиэк 15,46 тыһ.кв.м иэннээх. Кини национальнай мэдиссиинэ киинин кытары быһа сылдьар сылаас көрүдүөрдээх буолуоҕа.
Онкологическай киин үһүс этээһин тутуута тэтимнээхтик бара турар. Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын уурааҕынан эбийиэктэри тутууга үс хантыраак быһыытынан 2020 сылга 2,62 млрд солкуобай көрүллүбүтэ.
Уопсайа сууккаҕа 210 киһини көрөр, 180 сытан эмтэнэр сирдээх онкоклиническэй киин тутуута 6,79 млрд солкуобай сыаналаах, мантан 5,88 млрд – федерация үбэ, 902,2 млн өрөспүүбүлүкэ.
Санатар буоллахха, 2018 сыллаахха онкологическай диспансер 30 миэстэлээх радиологическай корпуһа үлэҕэ киирбитэ. Бу баараҕай тутуу бастакы сүһүөҕэ этэ. Эбийиэк 985 млн солкуобайга тутуллубута, мантан федеральнай үптэн 515 млн, Саха сирин хааһынатыттан 470 млн кэриҥэ үп барбыта.
Кардиологическай уонна онкологическай кииннэри тэҥинэн тутуу өрөспүүбүлүкэ салалтатын улахан ситиһиитэ буолар. Бу курдук улахан тутуулар өрөспүүбүлүкэ киинигэр эрэ буолбакка улуус кииннэригэр, тыа сирдэригэр кытта бара туралларын туһунан доруобуйа харыстабылын миниистирэ Елена Борисова эттэ.
Ол курдук, быйылгы дьылга федерация үбүнэн уопсайа алта эбийиэк тутуллан үлэҕэ киирэрэ былааннанар – түөрт ФАП, икки амбулатория. Билигин Дьааҥы улууһун Баатаҕай бөһүөлэгэр 180 киһи сылдьар, 30 куойкалаах терапия, оҕо салаалардаах поликлиника тутуута бара турар.
Тыа сирдэрин биир кэлим сайыннарыы бырагырааматын чэрчитинэн 2020-2021 сылларга Сунтаардааҕы оҕо, киин поликлиникаларын капитальнай өрөмүөннэрэ барыа, маныаха федерация уонна өрөспүүбүлүкэ үптэриттэн 30 млн солкуобай көрүллэн турар. Тутар тэрилтэ быһаарыллан үлэ бу сыл үһүс кыбаарталыттан саҕаланыа.
Миниистир промышленнай оройуоннарга үлэ эмиэ барарын туһунан иһитиннэрдэ. Ол курдук Нерюнгри оройуонугар оҕо поликлиникатын дьиэтин өрөмүөнэ бу сыл бүтүөр диэри түмүктэниэхтээх. Маны таһынан оройуон киин балыыһатын үс дьиэтэ — «Б» блок, дьахтары консультациялыыр, тирии диспансерын дьиэлэрэ капитальнай өрөмүөнү ааһыахтара.
This post was published on 06.07.2020 12:02 12:02