Дойду бэрэсидьиэнэ алтынньы 30 күнүттэн хамнаһы хаалларан туран уһун өрөбүллэри биллэрбитинэн, бүгүн СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин бирикээһэ таҕыста. Хайдах быһаардылар?
Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин судаарыстыбаннай тэрилтэлэрин салайааччыларыгар туһаайан, бастакытынан, бу сыл алтынньы 25-29 күннэригэр 1-4-с уонна 9-11-с кылаас оҕолорун олоҕурбут көрүҥүнэн (очно), 5-8-с кылаас үөрэнээччилэрин бу ыйыллыбыт күннэргэ быстах кэмҥэ дистанционнай технологияны туһанан үөрэтэргэ диэн суруллубут.
Иккиһинэн, ирдэнэр түгэнигэр үөрэх хас биирдии таһымын бырагырааматыттан хаалыы тахсыбатын туһугар календарнай уонна үөрэх былаанын аттаран биэрэн, алтынньы 30 күнүттэн сэтинньи 7 күнүгэр диэри күһүҥҥү сынньалаҥҥа ыытарга диэн ыйыллар.
Үсүһүнэн, сынньалаҥ күннэригэр үлэлиир төрөппүттэр (сокуоннай бэрэстэбиитэллэр) уһуйааннарга төһө наадыйалларын кэтээн көрөргө (мониторинг) итиэннэ онтон аттаран дьуһуурунай бөлөхтөр үлэлиир уһуйааннарын испииһэктииргэ диэн быһаарыллар. Маныаха санитарнай-эпидемиологическай быраабылалары уонна нуормалары булгуччу тутуһуллара ирдэнэр. Ити туһунан үөрэх министиэристибэтин пресс-сулууспата edersaas.ru саайтка иһитиннэрдэ.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА).
This post was published on 22.10.2021 18:57 18:57